Бүгүн, ахсынньы ый 12 күнүгэр, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууспутугар Аҕа сылынан улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ «Территория чтения 3.0» ааҕар дьиэ кэргэттэр ортолоругар улуустааҕы турнир ыытта. Манна барыта аҕыс дьиэ кэргэн кыттан, түөрт түһүмэххэ күрэхтэстилэр. Бастакы түһүмэххэ аан дойду литературатын шедевриттэн 12 боппуруоска эппиэттээтилэр. Иккис турга тылтан тылы таһаарыы, пазл, пантомима таайдылар. Үһүс түһүмэххэ сахабыт сирин ураты кэрэ сирдэрин хаартысканан көрөн таайдылар. Бүтэһик турга оҕо библиотекатын эмблемэтин оҥорууга күрэстэстилэр.
Түөрт түһүмэх түмүгүнэн 1 миэстэни Орто Эбэттэн Надежда Николаевна Саввина сиэнинээн Коля Карамзинныын (3 кылаас, Орто Эбэ сүрүн оскуолата) ыллылар.
Иккис миэстэҕэ Анна Афанасьевна, Василий Васильевич Максимовтар дьиэ кэргэттэрэ кыыстарынаан, Эвелиналыын (4 кылаас, Мүрү №1 дээх орто оскуолата)таҕыстылар.
Үһүс миэстэниВарваөа Гаврильевна Тимофеева уолунаан Мичиллиин (4 кылаас, Мүрү №2 дээх орто оскуолата) ыллылар.
Улуустааҕы ааҕыы турнирыгар кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр махтанабыт, кыайыылаахтарбытын истиҥник эҕэрдэлиибит. Бары бүттүүн дьиэ кэргэнинэн ааҕыы - бу оҕо киһи буолан сайдан тахсарыгар улахан көмөлөөх.

🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺
Ытыктабыллаах Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо!

Эһигини улууспутугар «Уһуктуу» литературнай түмсүү 📖✒️📚

тэриллибитэ 2️⃣5️⃣ сыллаах үбүлүөйүгэр

🎊🎊🎊 анаммыт үөрүүлээх чааска

ахсынньы 1️⃣7️⃣ күнүгэр

күнүс 1️⃣4️⃣ чаастан

В.В. Никифоров - Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү"

култуура дыбарыаһыгар ыҥырабыт.

Тэрээһиҥҥэ эһиги болҕомтоҕутугар:
🔹уус-уран дьүһүйүү;
🔹түмсүүгэ аналлаах кинигэ быыстапката 📚📙📘📗;
🔹эҕэрдэлэр;
🔹интэриэһинэй ыалдьыттар.
Айар куттаах биир дойдулаахтаргытын кэлэн
көрүҥ. истиҥ, сэргээҥ!

Тэрийэр бөлөх.
🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺

Сегодня, 12 декабря в честь празднования

Дня Конституции Российской Федерации

на площадках Центральной библиотеки им. С.С. Васильева-Борогонского

прошла Акция «IX Всероссийский тест на знание Конституции РФ»,

организованной Всероссийским Общественным движением «Гражданин».
Акция проводится для оценки уровня правовой грамотности россиян,

а также для мотивации общества к изучению гражданского строя Российской Федерации
и выполнению конституционных обязанностей.


Участники Акции прошли онлайн-тест и получили сертификаты.
Всего приняли участие на двух площадках 105 человек.

Благодарим за участие!

 #ГРАЖДАНСТВУЙ