🌤️🍁🍂Күндү Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо!🍁🍂

📍Мүрү нэһилиэгин күнүн көрсө 🏫Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата, 📚С.С.Васильев-Борогонскай аат.улуустааҕы киин библиотека

"ЧИТАЕМ ВСЕЙ СЕМЬЕЙ" 📸📱📖

хаартысканан күрэххэ Мүрү нэһилиэгин 👫🏻👭👬дьиэ кэргэттэрин кыттаргытыгар ыҥырабыт!🙌🏻

✅Күрэх сыала бастакы народнай библиотека тэриллибитэ 100 сылыгар, дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга, чөл, доруобай, чэгиэн олоҕу көҕүлээһиҥҥэ,оҕо, төрөппүт сыһыанын бөҕөргөтүүгэ ананар.

✅Сааһыттан хааччаҕа суох ким баҕалаах кыттыан сөп.

«Төрөөбүт Мүрүбүн саныыбын өрүүтүн»

🔆Мүрү нэһилиэгин күнүгэр аналлаах кэтэхтэн уус-уран ааҕыы күрэҕин балаһыанньата📃

⚜️Тэрийээччилэр: Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата, С.С.Васильев-Борогонскай аатынан улуустааҕы киин библиотека
⚜️Сыала-соруга:
-Төрөөбүт түөлбэҕэ, Ийэ дойдуга тапталы иҥэрии, бэриниилээх буолууга иитии;
-Оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт тыл барҕа баайын, этигэн кэрэтин өйдүүр, санааны сайа этэр дьоҕурун сайыннарыы;
-Айар-суруйар дьоҕурдаах дьону арыйыы, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы
⚜️Күрэххэ кыттыы:
Бастакы бөлөх - 1-11 кылаастар үөрэнээччилэрэ;

Дьокуускай. “Строительнай” атыы-эргиэн киинигэр ыытылла турар “Коркинныы олоруохха. Коркинныы айыахха” диэн ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Саха сирин үтүөлээх учуутала, ХХ үйэ бастыҥ киһитэ Дмитрий Петрович Коркин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка чэрчитинэн “Николай Николаевич Тарскай – спорт төлөннөөх тэрийээччитэ” диэн, Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар туһуламмыт көрсүһүү ыытылынна.

Саха спордун аҕатынан билиниллибит киһи туһунан көрсүһүүнү Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын Бэчээтин туйгуна, “Дьулурҕан” хаһыат редактора, тустуу туһунан элбэх кинигэ ааптара, коллекционер Петр Семенович Павлов салайан ыытта.