Баатаҕай нэһилиэгин аҕа баһылыга Белолюбскай Михаил Михайлович саха суруйааччыларын айымньыларын, ааспыт история чахчыларын сөбүлээн ааҕарын туһунан эттэ, онуоха Иван Андросов-Айанньыт "Тумаҥҥа симэлийбиттэр" 4 олуктаах романын ааҕаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Михаил Михайлович "Библиотека - норуот нэһилиэстибэтин сырдатааччы" буоларын бары өйдүөхтээхпит диэн бэлиэтээтэ. Кинигэни ааҕыҥ, библиотекаҕа сылдьыҥ! #кинигэситиһииуоннасайдыытөрдө