Новости
Загрузка новостей...

«Уһуктуулар» Байаҕантайга

«Уһуктуу» литературнай түмсүү кыттыылаахтара Байаҕантай нэһилиэгэр библиотека иһинэн үлэлиир «Уран тыл алыба» түмсүүнү (салайааччы норуот маастара Наталья Егоровна Андросова) кытта көрсүһэн, санаа атастаһан кэллилэр. Түмсүү 2017 сыллаахха тэриллибит.
Бу көрсүһүүгэ «УҺУКТУУ» чилиэннэрэ: Дүпсүнтэн Агафья Сивцева, Лөгөйтөн Ульяна Бурнашева, Мүрүттэн Клара Троева, Ольга Павлова уонна түмсүү салайааччыта Галина Аммосова сырыттылар.
«Уран тыл алыба» түмсүү үлэтин салайааччы Наталья Егоровна билиһиннэрдэ, олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Э. Егорова түмсүү үлэтин көрдөрөр быыстапканы кэпсээтэ.
Көрсүһүүгэ элбэх хоһоон ааҕылынна, кэпсээн кэпсэннэ. «Уһуктуу» түмсүү аҕалбыт коллекцияларын сэргээн көрдүлэр-иһиттилэр.
Түмүккэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ торумнар оҥоһулуннулар.

Поделиться