2 – «Кыһыл ыллык» (билигин «Чолбон» сурунаал) тахсыбыта 100 сыла (1926).
4 – Норуот сомоҕолоһуутун күнэ.
Бу судаарыстыбаннай бырааһынньык дойдуга 2005 сылтан бэлиэтэнэр.
6 – Россия үтүөлээх уонна СӨ норуодунай артыыһа, ССРС култууратын туйгуна, духуобунас академига, П.А. Ойуунуускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, пианист, профессор Юнона Михайловна Упхолова төрөөбүтэ 90 сааһа (1936).
6 – алмаастаах «Мир» трубканы арыйбыт геолог, Ленинскэй бириэмийэ лауреата, Ленин уордьанын кавалера, Мииринэй оройуонун бочуоттаах гражданина Юрий Иванович Хабардин төрөөбүтэ 100 сыла (1926-1990).
7 – Россияҕа Буойун Албан аатын күнэ. Бу күн 1941 сыллаахха Москваҕа Кыһыл болуоссакка байыаннай параад буолбута. Дойду тэбэр сүрэҕэр өстөөхтөр 50-100 км чугаһыы ыган кэлэннэр, Москваны ыларга соруммуттара. Ол эрээри Сэбиэскэй Армия өстөөҕү сорунуулаахтык өһөрөргө бэлэмин көрдөрөн, 28,5 тыһ. байыаннай болуоссат устун сэлэлии хааман, бар дьон санаатын өрө көтөхпүтэ.
РФ Президенин 1995 сыл кулун тутар 13 к. 32ФЗ №-дээх ыйааҕынан бэлиэтэнэр.
7 – Дойдубут историятыгар Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолбут өйдөбүнньүк күнэ.
7 – 100 сыл аннараа өттүгэр Дьокуускайдааҕы уобаластааҕы Ем. Ярославскай аатынан мусуой Дьокуускайга Архиерейскай дьиэ саҥа зданиетыгар үөрүүлээх арыллыыта ыытыллыбыта.
7 – драма уонна киинэ артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ Театральнай деятеллэрин сойууһун чилиэнэ Кирилл Михайлович Семенов төрөөбүтэ 75 сааһа (1951).
7 – биир дойдулаахпыт, тыа хаһаайыстыбатын производствотын бастыҥа, ыанньыксыт, РСФСР социалистическай куоталаһыытын туйгуна, чэпчэки атлетикаҕа 5000 миэтэрэҕэ өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитин кыайыылааҕа, Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Пролетарий Дмитриевич Пантилов төрөөбүтэ 90 сыла (1936-1983).
9 – I Курбуһах нэһилиэгиттэн төрүттээх, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин II, III, IV ыҥырыыларын депутата, 1952 сыл от ыйын – муус устар 1956 сс. – Уус Алдаҥҥа ЫБСЛКС райкомун I секретара, 1948-1959 сс. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин III-IV ыҥырыыларын бэрэссэдээтэлэ, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига, «Бочуот Знага» уордьан кавалера Анастасия Романовна Аммосова төрөөбүтэ 115 сыла (1911-1985).
10 – Россияҕа Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин күнэ.
10 – Биир дойдулаахпыт, улуус библиотекатын тиһигин бэтэрээнэ, библиотекарь, Баатаҕай сельскэй библиотекатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, 1978 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура үлэһиттэрин съеһин делегата Мария Константиновна Федорова төрөөбүтэ 90 сыла (1936-2001).
10 – судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх учуутала, «Бочуот Знага», «Үлэ Кыһыл Знамята», «Доҕордоһуу» уордьаннар кавалердара, СӨ бочуоттаах гражданина Климент Егорович Иванов төрөөбүтэ 90 сааһа (1936).
10 – суруйааччы, суруналыыс, тылбаасчыт, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай уонна В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреаттара, Аллайыаха улууһун бочуоттаах гражданина Семен Николаевич Горохов төрөөбүтэ 100 сыла (1926–2020).
11 – Россияҕа Экономист күнэ.
13 – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ (1937-2023).
13 – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инновация күнэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ М.Е. Николаев төрөөбүтэ 85 сааһыгар Саха сирин сайдыытыгар үтүөлэрин иһин олохтоммута. СӨ Ил Дарханын 2022 сыл сэтинньи 13 к. 2676 №-дээх ыйааҕынан бэлиэтэнэр.
19 – Саха cиригэр Нуучча тылын күнэ.
СӨ Президенин ыйааҕынан М.В. Ломоносов төрөөбүт күнүгэр 2001 сылтан бэлиэтэнэр.
19 – Россияҕа үрдүк үөрэх преподавателин күнэ.
21 – Россияҕа нолуок уорганнарын үлэһитин күнэ.
22 – Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх, СӨ үтүөлээх тренерэ, РСФСР, СӨ спордун маастара, Е.Ф. Габышев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын национальнай ыстаҥаҕа старшай тренерэ-преподавателэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина Андрей Васильевич Федоров төрөөбүтэ 70 сааһа (1956).
24 – Биир дойдулаахпыт, II Курбуһах нэһилиэгиттэн төрүттээх, Саха АССР үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, «Лена», «Сардаҥа» сопхуостар Бэйдиҥэҕэ, Курбуһахха отделениеларыгар ветеринарнай бырааһынан, Курбуһахха ветеринарнай учаастак сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Елена Ивановна Костромина төрөөбүтэ 80 сааһа (1946).
25 – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ.
СӨ Президенин 2006 сыл сэтинньи 15 к. 3036 №-дээх ыйааҕынан бэлиэтэнэр.
27 – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Идэлээх сойуус үлэһитин күнэ.
СӨ Президенин 2011 сыл муус устар 27 к. 626 №-дээх ыйааҕынан бэлиэтэнэр.
28 – Россияҕа Үлэҕэ Дьоруойа, режиссер, РФ норуодунай артыыһа, РФ, САССР уонна Алтай Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ, ССРС уона РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, «Көмүс маска» театральнай бириэмийэ лауреата, А.Е. Кулаковскай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» уордьан IVистиэпэнин кавалера, СӨ бочуоттаах гражданина Андрей Саввич БОРИСОВ төрөөбүтэ 75 сааһа (1951).
29 – Россияҕа Ийэ күнэ.
РФ Президенин 1998 сыл тохсунньу 30 к. 120 №-дээх ыйааҕынан сэтинньи бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр.
29 – биир дойдулаахпыт, СӨ Национальнай библиотекатын директора, историческай наука кандидата, Арктикатааҕы искусство, култуура, креативнай индустрия судаарыстыбаннай университетын доцена, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Саргылана Васильевна Максимова төрөөбүтэ 60 сааһа (1966).
30 – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ.
СӨ Президенин 2011 сыл бэс ыйын 27 к. 769 №-дээх ыйааҕынан олохтоммута. Бу күн 1990 с. аан дойду норуоттарын Хомуһун (варганын) музейа төрүттэммитэ.
Сэтинньи 3 күнэ

Биир дойдулаахпыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Сергеевна ПОЛЯКОВА төрөөбүтэ 80 сыла туолар.
Кини 1946 сыллаахха Дьокуускай куоракка Сергей Васильев-Борогонскай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1970 сыллаахха Москватааҕы судаарыстыбаннай култуура институтун библиотечнай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ.
1963 сыллаахтан СӨ Национальнай библиотекатыгар библиотекарынан, 1974 сыллаахтан кинигэни харайыы салаатын сэбиэдиссэйинэн, 2000 сыллаахтан кинигэ пааматынньыктарын научнай-чинчийэр киинин научнай сотруднигынан үлэлээбитэ.
Научнай-чинчийэр үлэлэрэ: «История книжной культуры Якутии: 1638—1917 гг.» (2018), «К вопросу изучения личных, частных коллекций и книжных собраний в Республике Саха (Якутия)» (Вестник НБ РС(Я), 2003, № 1), «Личные библиотеки в фондах Национальной библиотеки РС(Я)» (Вестник НБ РС(Я), 2005, № 1 (3)), «К изучению личных библиотек сельской интеллигенции на примере Усть-Алданского улуса РС(Я)» (Вестник НБ РС(Я), 2008, №1(6)), «Уткин — книголюб и библиофил» уо.д.а.
Саха сирин кинигэлэрин мемориальнай фондатын — «Сандалы-Бичик» национальнай коллекция тэриллиитин, СӨ Национальнай библиотекатын фондатын хараллыытын уһун болдьохтоох бырагырааматын, библиографияҕа дэҥҥэ көстөр хотугу норуоттар кинигэлэрин көрдөөһүнү уонна ылыыны көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ.
СӨ «Библиотечнай дьыалатын туһунан» сокуону оҥорууга кыттыбыта, СӨ Национальнай библиотекатын библиотечнай үлэһиттэрин профессиональнай ыарыыларын проблематын көтөхпүтэ.
ССРС Култуураҕа министиэристибэтин «Туйгун үлэтин иһин» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
2014 сыллаахха ыам ыйын 23 күнүгэр бу олохтон барбыта.
Кини туһунан улуустааҕы Киин библиотека фондатыгар баар «Трудовая слава Якутии» (2006) 2 томугар, В.Н. Окоемова, С. С.Васильева-Донская «Наш отец — поэт Сергей Васильев-Борогонский» (2007), А.Н. Жирков уо.д.а. хомуйан оҥорбут «История Усть-Алданского улуса в лицах» (2010) биобиблиографическай ыйынньыкка, В.А. Босиков, Р.Г. Иванова уо.д.а. хомуйан оҥорбут «Энциклопедия культуры и искусства» (2011) 1 кинигэтигэр, Л.С. Павлова, М.З. Сивцева, М.Н. Борисова, З.М. Белолюбская хомуйан оҥорбут «Культура Усть-Алданского улуса: истоки и современность» (2020), П.П. Горохов «Якутия-2021», М.М. Афанасьев «Олоххо тардыһыы, дьулуур – кини кылаабынай принцибэ» (Саха сирэ, 1996, бэс ыйын 19 к.) уо.д.а. кинигэлэргэ, ыстатыйаларга ааҕыахха сөп.
Сэтинньи 3 күнэ

Биир дойдулаахпыт, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна, «Бочуот Знага» уордьан кавалера Дмитрий Иванович ВАСИЛЬЕВ-ОЧИНСКАЙ төрөөбүтэ 120 сыла туолар.
Кини 1906 сыллаахха I Суотту нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1924-1926 сс. Суотту түөрт кылаастаах алын сүһүөх оскуолатыгар, 1926-1929 сс. Бороҕон сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ.
1931 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму үөрэнэн бүтэрбитэ. 1931-1935 сс. Горнай улууһугар II Солоҕон нэһилиэгэр Өрт алын сүһүөх оскуолатын тэрийэн үлэлэтэр, учууталынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1935-1936 сылларга Уус Алдан оройуонугар Орто Эбэ ситэтэ суох орто оскуолатыгар учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1935 сыллаахха Горнайдааҕы райпартком бюротун уонна ситэриилээх комитетын туруорсууларынан ударник-учуутал аата иҥэриллибитэ.
1936-1938 сылларга Мүрү ситэтэ суох орто оскуолатыгар нуучча тылыгар уонна литературатыгар, биологияҕа учууталынан, учууталлар кэтэхтэн үөрэхтэрин оройуоннааҕы консультпуунун сэбиэдиссэйинэн, 1938 сыллаахха Дүпсүн ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1938-1942 сылларга норуот үөрэҕириитин Уус Алдан оройуоннааҕы салаатын инспектора. 1942-1951 сс. Уус Алдан оройуоннааҕы салаатын РайОНО сэбиэдиссэйэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар кини харса суох дьаныардаах үлэтинэн, кыһамньытынан сэрии сылларыгар үөрэх үлэтэ ыһыллыбакка-тохтотуллубакка кэскиллээхтик ыытыллыбыта. Суоттуга, Томторго детдомнар аһыллыбыттара.
1953-1956 сс. норуот үөрэҕириитин оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйэ.
1956-1958 сс. Мүрү орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ оскуолаҕа «Мүрү кыымнара» диэн литературнай куруһуогу салайбыта.
Кинигэлэрэ: «Огдообо уолаттара» роман (1959), «Кэпсээннэр» (1961).
«1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэҕэ туйгунун иһин» уо.д.а. мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
1958 сыллаахха бу олохтон барбыта.
1967 сыллаахха Уус Алдан улууһун Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ.
1994-2001 сылларга Уус Алдан улууһун оскуолаларын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин бастыҥ учууталларга кини аатынан бириэмийэ олохтоно сылдьыбыта.
Кини туһунан улуустааҕы Киин библиотека фондатыгар баар Л.Я. Яковлева хомуйан оҥорбут «Дмитрий Очинскай. Ахтыылар. Айымньылар. Докумуоннар» (2011), Н.Д. Бурцев «Умнуллубат дьүһүннэр» (1995), «Педагогическая энциклопедия» (2000) 1 томугар, Данилов И. Н. «Развитие образования в Усть-Алданском улусе: (сер. XIX в.-2002 г.)» (2003) ыйынньыкка, Л.С. Заболоцкая уо.д.а. хомуйан оҥорбут «Образование Усть-Алданского улуса по пути развития» (2005), «Трудовая слава Якутии» (2006) 2 томугар, В.Н. Окоемова, А.Н. Жирков уо.д.а. хомуйан оҥорбут «История Усть-Алданского улуса в лицах» (2010) биобиблиографическай ыйынньыкка, А. Аржаков «Дмитрий Васильев-Очинскай» (Чолбон, 1996, №11), Н. Копырин «Болҕомтолоох салайааччы этэ» (Мүрү саһарҕата, 2001, алтынньы 6 к.) уо.д.а. кинигэлэргэ, ыстатыйаларга ааҕыахха сөп.
Сэтинньи 8 күнэ

Биир дойдулаахпыт, историческай наука хандьыдаата, ССРС НА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Сибиирдээҕи Научнай чинчийэр академиятын чилиэнэ, Уус Алдан улууһун, Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Дмитрий Дмитриевич ПЕТРОВ төрөөбүтэ 105 сыла туолар.
Кини 1921 сыллаахха II Өспөх нэһилиэгэр Дүпсүн улууһугар төрөөбүтэ.
1937 сыллаахха Чараҥай сэттэ кылаастаах оскуолатын, 1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены үөрэнэн бүтэрэн, Чараҥай оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта.
Курбуһах оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн үлэлээбитэ.
1946 с. Найахы ситэтэ суох орто оскуолатыгар дириэктэрдии сылдьан, Дьокуускайдааҕы педагогическай институту бүтэрэн, историк идэтин ылбыта.
1946-1948 сс. Мүрү орто оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1948 сыллаахха аспирантураҕа үөрэнэ киирбитэ уонна олоҕун бүтэһик күнүгэр диэри улахан наукаҕа анаабыта.
1958 сыллаахха Москваҕа ССРС Наукаларын академиятын История институтугар «Колхозное крестьянство Якутии в годы Великой Отечественной войны» диэн темаҕа историческай наука кандидатын истиэпэнин көмүскээбитэ.
ССРС Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи филиалын Тыл, литература, история институтугар младшай научнай сотруднигынан, 1958-1964 сс. учуонай-сэкирэтээринэн, старшай научнай сотруднигынан үлэлээбитэ.
Дмитрий Дмитриевич – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин норуоттара кыттыыларын, тыылга үлэлэрин, киллэрбит кылааттарын чинчийбит сахалартан соҕотох учуонай буолар. Сахалартан фроҥҥа төһө киһи ыҥырыллыбытын, сэрии толоонуттан эргиллибэтэҕин, дойдутугар төннүбүтүн Дмитрий Петров сыратынан, кини үлэлэриттэн дьон-сэргэ билэр кыахтаммыта. Учуонай Ильмень күөлгэ буолбут кыргыһыы докумуонун булан, онно сахалартан төһө киһи кыттыбытын архыыптан быһааран, бар дьонугар иһитиннэрбитэ, тиэрдибитэ. Итиэннэ Ильмень күөлгэ охтубут салааттар ааттарын үйэтитиигэ улахан үлэни ыытан, пааматынньык туруоруутун көҕүлээбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сирин историятыгар бөдөҥ специалист, 100-тэн тахса научнай үлэ, 10-тан тахса монография, хомуурунньуктар ааптардара.
Булуллубут архыып докумуоннарынан Н.А. Кондаковка, Н.С. Степановка, А.А. Мироновка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара,М.М. Стрекаловскайга Россия Дьоруойа ааты иҥэриигэ улахан үлэни ыыппыта.
Кинигэлэрэ: «Якутия в период Великой Отечественной войны» (1957),
«Якутяне на фронтах Великой Отечественной войны Советского Союза» (1965), «Во имя Победы » (1965), «Якутяне в боях на озере Ильмень» (1968), «Саллааттар суруктара» (1970), «За Советскую власть в Якутии» (1967), «Вклад народов Якутии в дело Победы. 1941-1945» 1 том (1968), 2 том (1985), 3 том (1983), «Якутия в годы Великой Отечественной войны» 1 ч. (1979), 2 ч. (1992), «Фронтовая печать о воинах из Якутии» (1982), «Школьное образование в годы Великой Отечественной войны. Культурное строительство в Советской Якутии» (1984), «Ветераннар ахтыылара» (1985), «Братская дружба, скрепленная кровью» (1987), «Развитие рыбной промышленности на севере Якутии в годы войны» 1987) уо.д.а.
1994 сыллаахха бу олохтон барбыта.
Кини туһунан улуустааҕы Киин библиотека фондатыгар баар Ю.Д. Петров хомуйан оҥорбут «Ученай-историк Дмитрий Дмитриевич Петров» (1995), П.Д. Петров, Ю.Д. Петров хомуйан оҥорбут«Дмитрий Петров» (2021) «Выдающиеся люди республики» серияҕа, «Энциклопедия Якутии» 1 томугар (2000), «Летописец подвига народа Д.Д. Петров» (В.И. Пестерев «История Якутии в лицах», 2001), «Трудовая слава Якутии» (2003) 1 томугар, Докторов П.Н. «Ученые-исследователи института языка, литературы и истории» (1995), И.С. Портнягин, А.Н. Жирков «Ученые из Усть-Алданского улуса» (2000), В.Н. Окоемова, А.Н. Жирков уо.д.а. хомуйан оҥорбут «История Усть-Алданского улуса в лицах» (2010) биобиблиографическай ыйынньыкка, Ефимов Д.А. «Төрөөбүт түөлбэм Баатаҕай» (2007), Д.А. Ефимов «Петров Василий Андреевич-Тииҥ Баһылай ыччаттара» (2012), «Энциклопедический словарь Якутии» (2018), Л.С. Павлова, М.З. Сивцева, М.Н. Борисова, З.М. Белолюбская хомуйан оҥорбут «Культура Усть-Алданского улуса: истоки и современность» (2020), Ю.Д. Петров «Норуотугар өлбөт-сүппэт үтүөлээх» (Мүрү саһарҕата, 1996, сэтинньи 16 к.), П. Петров «Уһулуччу дьонноох норуот – кэхтибэт» (Саха сирэ, 2020, олунньу 27 к), Н. Николаев «Дмитрий Петров – саха норуотун уһулуччулаах учуонайа» (Кыым, 2021, кулун тутар 4 к.), Ю.Д. Петров «Улуу Кыайыы тиэмэтин сырдатааччы» (Мүрү саһарҕата, 2020, муус устар 24 к.), А. Сивцев «Саха буойунун өлбөт үөстээбит учуонай» (Мүрү саһарҕата, 2021, ыам ыйын 7 к.), О. Павлова «Ахтыы түһүлгэтиттэн» (Мүрү саһарҕата, 2025, бэс ыйын 6 к.) уо.д.а. кинигэлэргэ, ыстатыйаларга ааҕыахха сөп.
Бэлэмнээтэ Зоя Данилова,
улуустааҕы Киин библиотека
Справочнай-библиографическай
отделын сэбиэдиссэйэ.
