
2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ бэрэсидьиэнин N 3036 Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ.
Олоҥхо — биһиги духуобунай баайбыт, төрүт тылбыт тыына.
Былыргы олоҥхоһуттар муусука доҕуһуола суох, куоластарын уларытан, тыһыынчанан устуруоканы өйдөрүттэн толорон, Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулар олохторун хоһуйаллара. Бу ханна да хатыламмат ураты искусство, аан дойду культуратын күндү кылаата.
Бүгүн 11:00 чаастан С.С.Васильев-Борогонскай аатынан улуустааҕы киин библиотека ааҕар саалатыгар олоҥхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр сыаллаах «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа ыытыллар.

Бу бэлиэ күнү көрсө, Уус-Алданнааҕы бибилэтиэкэ эһиэхэ анаан матырыйааллары бэлэмнээтэ.
