Новости
Загрузка новостей...

«Незабудка» кулуупка дьарык

 Бүгүн алтынньы 22 күнүгэр С.С.Васильев – Борогонскай аатынан киин библиотека «Алгыс» кыраайы үөрэтэр отдел үлэһитэ Мария Заболоцкая, улуустааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин кэлим киинигэр «Аҕа көлүөнэ» диэн бырайыак чэрчитинэн «Незабудка» кабинет аҕам саастаахтарыгар  эрдэ кырдьыыны, мэйии үлэтин бытаарыытын, илии-атах быччыҥнара мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтэр сыаллаах сахалыы дэгэрэҥ музыканан «Тарбахтарга нейрогимнастиканан» дьарыгын саҕалаата.

Салҕыы биллиилээх государственнай, общественнай деятель, поэт Сергей Степанович Васильев – Борогонскай айар үлэтин сырдатыы кэннэ, «Мөҥүрүүр Бөҕө» олоҥхону дорҕоонноохтук аахтылар, ол кэннэ «Батастаан Баатыр» олоҥхоттон быһа тардан мүнүүтэҕэ ааҕан күрэхтэстилэр. Түмүгэр сүргэни көтөҕөн «Хаар үҥкүүтэ» сахалыы ырыаны ыллаан тарҕастылар.

«Незабудка» кулууп кыттыылаахтара олоҥхо тылын-өһүн ураты абылыыр күүһүн бэлиэтээн туран, кыһын устата олоҥхо ааҕан саҕалыахха сөп эбит түмүккэ кэллилэр.

Поделиться