Сэтинньи 19 күнүгэр Уус Алдан киин библиотекатыгар «Кустук сэттэ өҥүнэн сандаарар күндү ийэлэрбит» диэн Ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытылынна. Бүтүн Россиятааҕы «Матери России» уопсастыбаннай хамсааһын, «Биир ньыгыл Россия» дьахтар хамсааһына, Уус Алданнааҕы «Дьахтар сүбэтэ» хамсааһын бу күн талба талааннаах ийэлэри, сатабыллаах хаһаайкалары, салайааччылары түмэн олус киэҥ хабааһыннаах программанан үлэни тэрийдилэр.
Кииннэммит библиотека тиһигин директора Павлова Лена Семеновна кэрэ буолуу, дьиэ кэргэнин, үлэтин уонна уопсастыбаннай үлэтин туһунан туһалаах сүбэлэри биэрдэ, санааларын үллэһиннэ.
Маны таһынан араас маастар кылаастар, ярмарка, атыы-тутуу тэриллэн ыалдьыттар болҕомтолорун таттылар.
✅ Макс каналбытыгар суруттарыҥ https://max.ru/id1427002410_gos
