
Энциклопедияҕа матырыйааллары түмүүгэ сүрүн тирэҕинэн улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин историятын сырдатар 1994, 1999 сылларга Марианна Борисова, Анна Бурнашева хомуйан оҥорбут брошюралара, 2012 сыллаахха тахсыбыт «Уус — Алдан улууһун кииннэммит библиотека тиһигин ветераннара» Марианна Борисова таһаарбыт кинигэтэ, оҕо библиотекатын туһунан «Кинигэ алыптаах эйгэтигэр тэлэн… (Уус Алдан улууһунааҕы оҕо библиотекатын үлэтэ, 1948-2011)» Анна Бурнашева, Николай Кривошапкин, Вера Портнягина бэлэмнээбит кинигэлэрэ буоллулар. Маны таһынан, кииннэммит библиотека тиһигин бочуоттаах директора Варвара Николаевна Окоемова, нэһилиэк бибилотекардарын сэбиэдиссэйдэрэ элбэх сурукка киирбэтэх матырыйааллары хомуйан, суруйан көхтөөхтүк кыттыбыттара ордук суолталанна.
Быйыл улууспут тэриллибитэ 100 сылын көрсө биһиги коллективка «Мүрү саһарҕата» хаһыат редактора Наталья Гаврильевна Попова улуус үлэһит дьонун үйэтитэр бырайыагын билиһиннэрбитэ. Коллектив өйөөн, библиотекардар тус үптэринэн тахсыбыт энциклопедия улууска тэрилтэлэртэн бастакынан күн сирин көрдө.
Кинигэҕэ 152 бибилэтиэкэрдэр-ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйдэриттэн саҕалаан билигин үлэлии сылдьар специалистэр киирдилэр.
Библиотекаҕа үлэлээбиттэрэ-Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара : Байаҕантайтан Константин Александрович Готовцев, Мындаабаттан Егор Семенович Кривогорницын, Майаҕастан Семен Гаврильевич Крылов, Бороҕон нэһилиэгиттэн Василий Спиридонович Мордовской, Егор Федорович Находкин.
Бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ : ССРС культуратын туйгуннара: Дүпсүнтэн Мария Афанасьевна Прибылых, Мүрүттэн Анна Михайловна Аманатова, Светлана Ивановна Максимова, Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ Бэрт-Ууһун библиотекара Клара Федоровна Слепцова.
Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһиттэрэ : Варвара Николаевна Окоемова, Зоя Васильевна Мигалкина, Анна Никитична Бурнашева, Галина Владимировна Аммосова.
Олохторун бүтүннүү библиотека үлэтигэр анаабыттара : Суоттуттан Вера Константиновна Парникова, Өнөртөн Мария Васильевна Харитонова, Окоемовкаттан Тамара Гаврильевна Ховрова, Мүрүттэн Анна Иннокентьевна Говорова уо.д. а.
Оройуоннай библиотека сэбиэдиссэйдэринэн үлэлээбиттэрэ: 1937-1947 сылларга Татьяна Фоминична Замятина, 1948-1951 сылларга Надежда Васильевна Дегтярева, 1962-1963 сылларга Акулина Трофимовна Яковлева, 1963-1966 сылларга Константин Александрович Готовцев, 1970-1973 сылларга Светлана Ивановна Максимова, 1973-1975 сылларга Анна Романовна Находкина, 1975-1978 сылларга Екатерина Георгиевна Захарова.
Библиотеканы салайан кэлбиттэрэ — дириэктэрдэр: 1978-1985 сылларга Светлана Ивановна Максимова, 1985-1993 сылларга Зоя Васильевна Мигалкина, 1993-2023 сылларга Варвара Николаевна Окоемова, 2023-2025 сылларга Иван Данилович Копырин, 2025 сылтан үлэлиир Лена Семеновна Павлова.
2013 сыллаахха Бороҕон нэһилиэгин Сэбиэтин депутаттарын сессиятын быһаарыытынан Бороҕон модельнай библиотекатыгар Анна Романовна Халдеева аата иҥэриллибитэ; 2016 сыллаахха Семен Гаврильевич Крылов аата Майаҕас модельнай библиотекатыгар, 2017 сыллаахха Мария Константиновна Федорова аата Баатаҕай библиотекатыгар иҥэриллибитэ.
Киэн тутта ааттыыбыт 14 библиотекардар династияларын. Олор истэригэр 3 көлүөнэ библиотекардара бааллар : Мария Николаевна Корякина, Бэрт-Ууһун библиотекатыгар үлэлээбитэ, Варвара Николаевна Окоемова, 30 сыл кииннэммит библиотека тиһигин салайбыта, Мария Иннокентьевна Тарская Киин библиотекаҕа үлэлиир.
Константин Александрович Готовцев Байаҕантайга, Киин библиотекаҕа үлэлээбитэ. Балтылара Акулина Дмитриевна Пестрякова, Тиит-Арыы, Уус-Күөлүн библиотекатыгар үлэлээбитэ, Сардана Михайловна Черкашина, Мындаабаҕа, билигин Киин библиотекаҕа үлэлиир. Надежда Константиновна Местникова Намҥа Хамаҕатта оскуолатын библиотекара, Мария Ивановна Макеева Киин библиотекаҕа үлэлээбитэ.
Александра Ивановна Герасимова, Кэптэни библиотекатыгар, кыыһа Александра Афанасьевна Петухова Мындааба библиотекатыгар үлэлээбитэ.
Ирина Николаевна Гоголева Арыылаах библиотекатыгар үлэлээбитэ, кыыһа Нюргуяна Лазаревна Васильева Арыылаах библиотекатыгар үлэлиир.
Татьяна Николаевна Иванова Бэрт-Ууһун библиотекатыгар, кыыһа Евдокия Давыдовна Иванова Найахы библиотекатыгар үлэлээбиттэрэ.
Пелагея Степановна Максимова Тулуна, Найахы, Чэриктэй библиотекаларыгар, кыыһа Венера Гаврильевна Бочкарева Бээрийэ, Тулуна, Киин библиотекаҕа үлэлээбитэ.
Римма Алексеевна Нестерова Киин библиотекаҕа үлэлээбитэ, кыыһа Туйара Михайловна Окоемова Киин библиотекаҕа үлэлиир.
Анастасия Афанасьевна Ноговицына Курбуһах библиотекатыгар, кыыһа Галина Владимировна Аммосова Киин библиотекаҕа үлэлиир.
Светлана Ивановна Максимова Кииннэммит библиотека тиһигин бастакы дириэктэрэ, кыргыттара Саргылана Васильевна Максимова Национальнай библиотека дириэктэрэ, Арина Васильевна Максимова Национальнай библиотекаҕа үлэлиир.
Анастасия Петровна Осипова Киин библиотекаҕа, Суотту, Хоноҕор библиотекаларыгар үлэлээбитэ, кыыһа Ирина Аркадиевна Осипова Хоноҕор библиотекатыгар үлэлиир.
Ольга Николаевна Павлова, кыыһа Тамара Гаврильевна Орлова Киин библиотекаҕа үлэлииллэр.
Нина Пантелеймоновна Попова Бэйдиҥэҕэ, Киин библиотекаҕа үлэлээбитэ, кыыһа Мария Коммунаровна Попова Мындаабаҕа, билигин Киин библиотекаҕа үлэлиир.
Аграфена Афанасьевна Сидорова Майаҕаска, Мындаабаҕа, Киин библиотекаҕа үлэлээбитэ, кыыһа Светлана Романовна Сысолятина оҕо библиотекатыгар, билигин Киин библиотекаҕа үлэлиир.
Евдокия Захаровна Шергина Бээди библиотекатыгар үлэлээбитэ, кыыһа Анна Викторовна Алексеева Бээди библиотекатыгар үлэлиир.
Хас биирдии библиотекарь туһунан матырыйаалы булууга улахан информационнай үлэ оҥоһулунна. 152 персоналияҕа киирдэ — хронологията, үлэтин туһунан сырдатар матырыйааллар, библиографията.
Библиографическай суруйуута 7.0.100-2018 ГОСТ ирдэбилинэн оҥоһулунна. Туһаныллыбыт литература, кылгатыллыбыт тыллар, аббревиатура испииһэктэрэ, именной указатель киирбитэ энциклопедия суолтатын үрдэтэр.
Энциклопедия 88 страницалаах 180 экземплярынан, халыҥ тастаах «Дани-Алмас» издательствоҕа бэчээттэннэ. Улууспут бары библиотекаларыгар тарҕатыллан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тиийэр.
Энциклопедия көннөрү ыйынньык буолбакка, библиотекарь идэтин сырдатар, тэрилтэ историятын ситэрэн биэрэр, бэтэрээн биир идэлээхтэрбит үтүө холобурдарынан эдэр көлүөнэ инники үлэлэригэр тирэх буоларыгар эрэнэбит.
Түмүккэ, энциклопедия кылгас кэм иһигэр хомуллан бэчээттэнэригэр күүс –көмө буолбут бэтэрээннэрбитигэр, биир идэлээхтэрбитигэр, кинилэр чугас аймахтарыгар махталбын тиэрдэбин.
Мария Коммунаровна Попова,
С.С. Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека информационнай – методическай киинин сүрүн библиотекара
