Новости
Загрузка новостей...

Дьиэ кэргэттэргэ анаан сэргэх оонньуу! 👨‍👩‍👧‍👦💖

🤩 Сэтинньи 25 күнүгэр биһиги улууспутугар Арассыыйаҕа Ийэ уонна Аҕа күнүн декадатын чэрчитинэн, дьиэ кэргэттэргэ анаан «Родные. Любимые» диэн ааттаах интеллектуальнай оонньуу буолан ааста. Бу тэрээһини С.С. Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастыҥнар хамсааһыннара» тэрийдилэр.

Кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэри Уус Алдан улууһун киин бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ Лена Павлова уонна Уус Алдан улууһун дьаһалтатын социальнай, ыччат политикатыгар уонна спортка управлениятын салайааччыта Евгения Аргунова эҕэрдэлээтилэр. 🎤

Дьүүллүүр сүбэҕэ Евгения Аргунова, «Матери России» уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Ольга Алексеева уонна киин библиотека библиотекара Сардаана Черкашина үлэлээтилэр. Евдокия Дмитриевна Васильева сиэнинээн Ньургуйаана Пуховалыын «Кыракый чуораанчык» диэн нарын-намчы ырыанан уонна үҥкүүнэн кэлбит дьону сөхтөрдүлэр! ✨

Оонньууга сэттэ дьиэ кэргэн икки ардыларыгар күрэс барда. Библиотекарь Мария Заболоцкая оонньууну бэрт интэриэһинэйдик ыытта. «Кини кимий?» диэн түһүмэххэ, Васильевтар дьиэ кэргэн улуус биллэр-көстөр дьоннорун олус үчүгэйдик билэллэрин дакаастаатылар! 💪 Аммосовтар блиц ыйытыктарга иннилэрин биэрбэккэ, бастыҥынан таҕыстылар. «Бастыҥнар хамсааһыннара» активистара тэрийбит Мультиквиз түһүмэҕэ олус сэргэх уонна интэриэһинэй буолла! 🤩

Дьэ түмүк хайдах буолла?

  • 3 миэстэҕэ – Аммосовтар дьиэ кэргэн 🥉
  • 2 миэстэҕэ – Васильевтар дьиэ кэргэн 🥈
  • Уонна кыайыылааҕынан Семеновтар дьиэ кэргэн таҕыстылар 🥇

Бары кыайыылаахтарга уонна кыттааччыларга өйдөбүнньүк бириистэр туттарылыннылар 🎁

Поделиться