Ытыктабыллаах Афанасий Иванович!
Эйигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаһы сайыннарыыга миниистирин, ытыктабыллаах салайааччыбытын Уус Алдан улууһун кииннэммит библиотека тиһигин бука бары үлэһиттэрин ааттарыттан орто дойдуга оройгунан түспүт, уол оҕо буолан күн сиригэр кэлбит, алгыстаах үбүлүөйдээх күҥҥүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит.
Эн эдэр эрдэххиттэн өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын туһугар үгүс салайар үлэҕэ эриллэн, күн бүгүн сахабыт норуотун духуобунай баайын, өйүн-санаатын, дириҥ историялаах култууратын үйэттэн үйэҕэ тиэрдэр аналлаах сырдык эйгэтин сатабыллаахтык салайа сылдьаҕын. Норуот туһа, ыччат дьоммут кэскилэ диэн күннэтэ түбүгүрэр киһибит ханнык да түгэҥҥэ үлэнэн дьоллонон дойдубут сайдыытыгар киллэрэр сүдү кылааккын сыаналыыбыт, дириҥник махтанабыт.
Күндү Афанасий Иванович, баҕарабыт эйиэхэ үлэҕитигэр кэскиллээҕэ кэҥээн, толкуйдаабыккыт тобуллан сонун бырайыактар олоххо киирдиннэр, кэннибитигэр хаалбыт кэми кэрэтин эрэ ахтан, инникигэ — кэлэргэ кэмэ суох эрэнэнэн, эрэллээхтик хардыылыаҕыҥ, чэгиэн туруктанан чэмэлиһэ сылдьыаҕыҥ, тура — олоро түбүгүрэн, олох үөһүгэр буолуоҕуҥ диэн алгыспытын ыытабыт.
