Бүгүн бүтүн дойду үрдүнэн норуоттар тылларыгар аналлаах «Россия — дом народов» диэн улахан аахсыйа буолан ааста.
Биһиги библиотекабыт ааҕааччылара уонна ыалдьыттара бу дьоһуннаах тэрээһинтэн туора турбатылар.
Бары биир киһи курдук түмсэн, улуу бэйэһит Расул Гамзатов айымньытын сахалыы тылынан олус сэргэхтик суруйдубут. Бу тэрээһин ийэ тылбыт кэрэтин уонна норуоттар доҕордоһууларын өссө төгүл күүһүртэ.
Хас биирдии хаартыскаҕа — бүгүҥҥү бэлиэ күн үөрүүлээх, сылаас түгэннэрэ. Бэйэҕитин эбэтэр табаарыскытын буллугут дуо?
#Год_единства_народов_России_2026
