
Ийэкээм, эн куолаһыҥ –
Оҕо сааспыттан
Ырыа буолан тымырдарбынан сүүрбүтэ,
Сүрэхпэр иҥмитэ…
(Иван Мигалкин)
Бу дьыл от ыйын 12 күнүгэр биир дойдулаахпыт, Баатаҕай нэһилиэгиттэн төрүттээх, Дьоруой ийэ, "Ийэ Албан Аата" уордьан толору кавалера, "Ийэ Албан Аата" I II истиэпэннээх, "1941-1945 сс Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээллэрдээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэниттэн "Ийэҕэ үрдүк махтал" бэлиэлээх, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Хоро, Баатаҕай нэһилиэктэригэр, Мүрү 1№ -дээх орто оскуолатыгар бибилэтиэкэринэн үлэлээбит, Уус Алдан улууһун Баатаҕай, Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Екатерина Ивановна Александрова – Мигалкина төрөөбүтэ 100 сылын туолла.
Бибилэтиэкэрдиир кэмигэр Союз сурунаалын, хаһыатын сурутууга үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн «Правда», «Советская Россия», «Известия» хаһыаттар Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Кэргэнэ, Мигалкин Василий Николаевиһы кытта дьоллорун холбоон 9 оҕону күн сирин көрдөрөн, 3 оҕону улаатыннаран дьон киэн туттар, төрөөбүт норуоттарын туһугар күүстэрин-күдэхтэрин харыстаабакка үлэлиир ыччаттары иитэн, улахан дьиэ-кэргэн ийэтэ, эбэтэ буолан дьоллоох олоҕу олорбута.
Ытыктабыллаах бэтэрээммит үгүс сыллар усталарыгар үүнэр көлүөнэни билии киэҥ аартыгар сиэтэн киллэрдэҕэ, кинигэни таптыырга, кинигэнэн сатаан туһанарга ииттэҕэ, такайдаҕа.
Екатерина Ивановна төрөөбүтэ 100 сылынан Уус Алдан кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин иһинэн, 2026 сыл алтынньы ыйга «Ийэҕэ сүгүрүйүү. Махтал. Таптал» тэрээһини ыытары былаанныыбыт.
