Олонхо ыһыаҕын
Өрөгөйүн ырыата
2005 сыллаахха
ЮНЕСКО олоҥхону
киһи-аймах чулуу
айымньытынан билиммитэ.
…Оо, улуу дьаҥсал олоҥхоһуттар,
Ыар - нүһэр ытык кырдьаҕастар,
Күрэҥсийбит төбөлөрүгэр
Төһөлөөх төлөн тыллары,
Төһөлөөх добун тойуктары,
Түмэн илдьэ сылдьалларай,
Түҥэтэллэрэй бар дьонноругар…
Н. Бурцев
Уус-Алдан оройуонун нэһилиэктэринэн араас кэмҥэ 101 олоҥхоһут олоро сылдьыбыта барылланар. Кинилэр ортолоругар Д.М. Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй, П.А. Охлопков-Наара Суох, Н.Р. Петухов-Дьаралыктаах Наһаар, М.А. Попов-Мочохоос уола, Н.П. Бурнашев-Боодоҕос, В.П. Заболоцкай-Бачы Баһылай уо.д.а. курдук идэтийбит олоҥхоһуттары ордук чорботон бэлиэтиэххэ сөп.