vechniogon

    

     Адольф Гитлер былааһы бүтүннүү баһылаан, Германияҕа национал-шовинистическай режими олохтообута. Немецкэй-фашистскай сэриилэр тас дойдуларга сэриинэн саба түһүтэлээн барбыттара. 1939 с. балаҕан ыйын 1 к. сымыйанан баайсан Польшаҕа саба түспүтэ, итинэн иккис Аан дойду сэриитэ саҕаламмыта. Бу сэрии 1945 с. балаҕан ыйын 2 к. түмүктэммитэ. 1940 сыллаахха Европа дойдуларын хаардыы кэспит Гитлер бэйэтин генералларыгар большевистскай Россияны утары сүҥкэн былааннааҕын туһунан аһаҕастык этэн туран "21 N-х директива", а.э. "Барбаросса былаана" диэн ыйаахха илии баттаабыта уонна: "В тот день мир затаит дыхание",- диэн түмүктээбитэ. Гитлер: "Наполеон алҕаһын хатылыам суоҕа",- диэн хаста да хатылаан эппитэ, ол аата нуучча тымныыта түһүөн иннинэ Москваны баһылыаҕым, сэтинньи 7 к. биһиги сэриилэрбит Москва уулуссаларынан парадтыы хаамыахтара дии санаабыта. Немецкэй сэриилэри тилэх баттаһа тиэллэн испит саллааттарга анаммыт орденнар, медаллар, парадка кэтиэхтээх формалара Москва таһыгар кэлин бөххө кубулуйбут.

Барбаросса былааныгар 2 сүрүн идея этиллэрэ: "Поход на уничтожение - чистка захваченных территорий путем уничтожения населения - идеологически и расово чуждых элементов" уонна "Военный поход" - разгром вооруженных сил России, с захватом ее территории - жизненно важного пространства на Востоке".

Гитлер армията дойду киин куоратын Москваны, революция биһигин Ленинграды үлтү сынньан, сири кытта тэҥнээн кэбиһиэхтээҕэ. Итинэн сибээстээн Москва куораттан 92 эрэ км тэйиччи сытар Старай Русса куорат Москва, Ленинград икки ардыгар турарынан улахан стратегическай суолталанан, ынырыктаах кыргыһыылар кииннэринэн буола түспүтэ. Фашистар манан тоҕо көтөн, Москва кэтэҕэр быһа анньарга былааннаммыттар, онтон биһиэннэрэ Старай Руссаттан тэбинэн Ленинграды төгүрүтүүнү үлтү охсор, салгыы кимэн киирии суолун тэлэйэр санаалаахтара. Ол да иһин куораты сэрии бастакы күннэриттэн немецтэр харса суох буомбалаан, 1941 с. атырдьах ыйын 9 к. ылбыттара. Онтон ыла оккупация 950 күнүн устата Старай Русса куораты былдьаһан сэрии бөҕө буолбут. Бэл 1943 с. тохсунньу ыйтан кулун тутарга диэри "Хотугу Сулус" диэн ааттаах операция ыытан, Г.К. Жуков бэйэтинэн Старай Руссаны босхолуу сатааһына кыаллыбатах. Кини кэнниттэн И.С. Конев, П.А. Курочкин командалааһыннарынан 53-с, 11-с, 68-с, 34-с армиялар өстөөҕү атаакалааһыннара улахан түмүгү биэрбэтэх.Онон бэрт элбэх хаан тохтуутун кэнниттэн (500 тыһ. киһи охтубут) Старай Русса куорат 1944 с. олунньу 18 к. босхоломмут.

Саха сириттэн барбыт саллааттар 19-20-21-22 хайыһар биригээдэтигэр киллэриллэн, Старай Русса куорат өттүнэн киирээри, Ильмень күөл килэгир мууһугар немец буомбалааһыныгар түбэһэн, 1943 с. олунньу 23 к. үгүстэрэ сор суолламмыттар. Ордук 19-с хайыһар биригээдэтигэр элбэх саха баара биллэр.

1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сахалар кыттыыларын туһунан байыаннай историяны оҥорбут Д.Д. Петров уонна Ильмень күөл кыргыһыытын кыттыылаахтара ахталларынан, 1942 сыллаах ыҥырыыга түбэспит саха саллааттара Молотовскай уобаласка (билигин Пермскэй) аҕалыллан, олортон 597 киһи 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр киллэриллэн, хас да ыйдаах бэлэмнэнии үөрэҕин барбыттар. Онтон 19-с хайыһар биригээдэтэ 1943 с. тохсунньу 10 күнүттэн фроҥҥа ыытыллан, олунньу 11 к. Новгородскай уобалас сиригэр тиийэн, Старай Руссаны босхолооһуҥҥа кыттыахтааҕа. Бу 19-с биригээдэҕэ 1712 нуучча, 253 украинец, 95 татаар, 66 белорус уонна 200-чэкэ атын омук дьонноро бааллара. Олунньу ый 22 к. киэһэ 11 чааска маҥан халааттаах, хайыһардаах саллааттар Ильмень күөлү түүн хараҥаҕа өстөөххө биллэрбэккэ туоруур айаҥҥа туруммуттар. Балай да баралларын кытта хаар былаастаах ардах түһэн барбыт, онон хайыһарынан айаннара бытаарбыт, эбиитин утары күүстээх тыал түһэн таҥастара ибили сытыйан, маскировочнай маҥан халааттара тобугуруччу тоҥон хаалбыт. Сарсыарда 5 чаас саҕана, халлаан саҥа суһуктуйа сырдыыта, немец самолеттара ханна да саһар хаххата суох аһаҕас мууска иһэр дьону буомбалаабытынан барбыттар, биэрэккэ чугаһаабыттарын кэннэ пулемет, миномет күүстээх уотун аспыттар. 35 км туоралаах, 45 км уһуннаах киэҥ, устата-туората биллибэт Ильмень күөл мууһа биирдэ күөрэ-лаҥкы буолбут. Аттар, аэросыарҕалар, сүүһүнэн байыастар муус анныгар тимирбиттэр.

Ильмень күөлгэ кыргыһыыга, ситэтэ суох даннайынан, Горнайтан - 66, Үөһээ Бүлүүттэн - 60, Өлүөхүмэттэн - 59, Ньурбаттан - 40, Сунтаартан - 62, Чурапчыттан - 50, Уус-Алдантан - 11 киһи кыттыбыта биллэр. Биһиги улуус дьонноруттан 2 киһи – Бээдиттэн Копырин Дмитрий Васильевич, Дүпсүнтэн Гоголев Роман Порфирьевч тыыннаах ордон кэлбиттэрэ.

Биир дойдулаахтарбыт историческай наука кандидата Дмитрий Дмитриевич Петров, Сергей Степанович Васильев-Борогонскай Ильмень күөлгэ кыргыһыыны үйэтитиигэ оруоллара сүҥкэн улахан.