Новости
Загрузка новостей...

«Ааҕар дьиэ кэргэн» диэн улуустааҕы онлайн квиз — оонньуу балаһыанньата

Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Болҕойуҥ!
??? Ыам ыйын 15 күнэ — дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнүн көрсө ыытыллар
«Ааҕар дьиэ кэргэн»?‍?‍??‍?‍? ?диэн улуустааҕы онлайн
квиз — оонньуу балаһыанньата:
Кытталлар: дьиэ кэргэн 2-3 киһи (оҕо 8-14 саастаах, биир улахан киһи; эбэтэр 2 оҕо биир улахан киһи).
Тэрийээччи: улуустааҕы оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн ааҕар киинэ, «Россия Ийэлэрэ» общественнай хамсааһын Уус Алданнааҕы филиала.
Буолар күнэ-дьыла: ыам ыйын 15 күнэ, 2024 сыл, күнүс 16.00 чаастан.
Оонньуу ис хоһооно:
?Күрэхтэһии 5 түһүмэҕинэн ыытыллар:
1️⃣түһүмэх – «Өбүгэ үгэһин утумнаан»


2️⃣түһүмэх – “Төрөөбүт төрүт дойдум”
3️⃣түһүмэх – “Сахалыы остуоруйалары төһө билэҕит?”
4️⃣түһүмэх — “Суруйааччылар айымньылара” .
5️⃣түһүмэх — » Тургутук ыйытыктар»
?Түһүмэх аайы 4 боппуруос баар буолар (20 боппуруос)
?Сөп эппиэт аайы 1 балл, сыыһа -0 балл
?Элбэх сөп хоруйу биэрбит дьиэ-кэргэн кыайыылааҕынан тахсар.
Наҕараадалааһын: Кыайыылаахтар Добун суругунан, бириистэринэн, кыттааччылар туоһу суругунан бэлиэтэниэхтэрэ.
Билсэр телефоҥҥут: 89142894353, 89247601361.