Бүгүн олунньу 21 күнүгэр улуустааҕы кииннэммит библиотека ааҕар саалатыгар “Мин – Россия гражданинабын” диэн бырайыак чэрчитинэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга пааспары туттарыы тэрээһинэ буолан ааста. Бу бырайыак улуус администрацията, “Биир Ньыгыл Россия” партия улуустааҕы исполкома, кииннэммит библиотека тиһигэ, “Билии” общество улуустааҕы салаата уонна федеральнай миграционнай сулууспа, “Мин докумуоннарым” элбэх өҥөнү оҥорор киин көҕүлээһиннэринэн үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ буолар.
- Просмотров: 925
Улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күннэрин түмүктүүр тэрээһининэн олунньу 18 күнүгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан» суруйуутугар кыттыы буолла. Быйылгы Сахалыы дьыктааны СӨ Национальнай библиотеката, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу- Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрситиэт, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу- Илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үнүстүтүүтүн саха тылын хаапыдырата тэрийдилэр. Дьыктаан сахаттан биир маҥнайгы тыл үөрэхтээҕэ, ураты көрүүлээх учуонай, тюрколог, талааннаах суруйааччы, тылбаасчыт уонна уопсастыба диэйэтэлэ Г.В.Баишев-Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна.
- Просмотров: 902
Олунньу 17 күнүгэр Уус-Алдан улууһун культуратын үлэһиттэрин 2022 сылы түмүктүүр инники соруктары туруорар, үгэскэ кубулуйбут Сыл Бастыҥнарын чиэстиир дьоро тэрээһин Василий Васильевич Никифоров - Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" культура дыбарыаһыгар үрдүк таһымҥа ыытылынна.
- Просмотров: 907
Страница 75 из 100