⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️

🟢“ИЙЭ ТЫЛ ИЛГЭТЭ” тэрээһин торума

❄️ Буолар күнэ: Ахсынньы ый 19 күнэ 2025 сыл
🏛️ Буолар сирэ: Бороҕон сэл. “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокультурнай киин

🔷09.00 -10.00 ч.​ Бэлиэтэнии, айах тутуу

🔶 09.00 – 10.00 ч. ​“ОЛОҤХО БИҺИГЭ-УУС АЛДАН” быыстапка

🔷 10.00 – 10.10 ч. “ИЙЭ ТЫЛ ИЛГЭТЭ” тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта

🔶10.10 – 10.30 ч. Р.П. Алексеев-Бөҕө Арамаана “Сылдьыбыт сырыыларым, истибит чахчыларым”, “Олоҥхоһут чабырҕахтара, ырыалара”, “Күүстээхтэр уонна быһыйдар”кинигэлэри билиһиннэрии

🔷 10.30-10.45 Уус Алдан улууһугар биллиилээх олоҥхоһут Р.П. Алексеев-Бөҕө Арамаана 125 сылын түмүктүүр үөрүүлээх чааһа

🔶 10.45 – 11.00 Саха тылын уонна литературатын учууталларын III сийиэһэ, Саха сирин библиотекардарын I сийиэһин түмүгүнэн саха тылын сайыннарыыга, аныгы үйэҕэ саха тылын эйгэтин кэҥэтиигэ соруктары ылыныы

🔷 11.00 – 11.50 ч. Эҕэрдэлэр, наҕараадалар

🔶 11.50 – 12.45 ч.​ Олоҥхо тыйаатырын артыыһа ЯНА НЮРГУСОВА олоҥхоһут А.Г. Местников “БАРДАМ БААБЫЙ” олоҥхотун толоруута

🔷 13.00 – 14.00 ч. ЭБИЭТ

🔶 14.00 – 15.00 ч.​ “Дүпсүн улууһугар олорбут политсыылынай Николай Павлович Странден сыдьааннара” документальнай киинэ сүрэхтэниитэ

🔷 15.00 – 16.00ч. Түмүк санаалар