Олоҥхо Уус Алдан

 

     Улууспутугар  Олоҥхо декадатын чэрчитинэн С.С.Васильев – Борогонскай аатынан киин библиотека тэрийиитинэн викторина ыытылынна. Барыта 10 улахан киһи, 3 оскуола үөрэнээччитэ кыттыыны ылла. Викторина 19 ыйытыыттыттан саамай септөөх, киэҥ быһаарыылаах, толору хоруйдары биэрбит Валентина Ивановна Бурнашева Кэптэниттэн 1 миэстэҕэ, 2 миэстэҕэ Альбина Львовна Неустроева Сыырдаахтан, 3 миэстэҕэ үс кыттааччы Татьяна Касьяновна Борисова Хомустаах Лөгөй нэһилиэгиттэн, Наталья Алексеевна Алексеева Сыырдахтан уонна  Анна Ивановна Дмитриева тигистилэр. Бары кыттааччыларбытыгар тэрийээччилэр ааттарыттан махтанан туран биһирэбил бириистэри аныыбыт. Туоһу суруктары, бириистэри С.С. Васильев аатынан киин библиотека «Алгыс» кыраайы үөрэтэр отделтан, 3 этээстэн кэлэн ыларгытыгар. Инникитин ыытыллар дьаһалларга көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.