Сэтинньи ый 14 күнүгэр, С.С.Васильев – Борогонскай аатынан киин библиотека уонна Уус Алдан улууһун үпкэ управлениятын тэрийиилэринэн, библиотека ааҕар саалыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үпкэ министиэристибэтэ, финансовай колледж ыытар "Финансовая грамотность" марафон чэрчитинэн улууспут тэрилтэлэрин икки ардыларыгар "Финквиз" оонньуу ыытылынна.

Квиз оонньуу саҕаланыан иннинэ Россия социальнай фондатын Уус Алданнааҕы салаатын салайааччыта Р.М.Белолюбскай, Ис дьыала отделын Уус Алданнааҕы отделениятын старшай оперуполномоченнайа А.Г.Березкин, "Сбербанк" офиһын салайааччыта Н.И. Сергучева, "Россельхозбанк" офиһын салайааччыта А.Л.Новогодина үбү –харчыны элбэтии, хаҥатыы туһунан, мошенниктартан харыстанар ньымалары сырдаттылар. 

Бэсиэдэ кэннэ улууспут 10 тэрилтэтиттэн үстүү киһилээх хамаандалар квиз оонньуу араас хабааннаах ыйытыыларыгар эппиэттээн күөн күрэстэстилэр, иккис туурга сахалыы сыыппаралаах таабырыннары таайан тургутугу аастылар. Түмүгэр кыайыылааҕынан кииннэммит бухгалтерия, 2 миэстэҕэ оҕо спортивнай оскуолатын хамаандата, 3 миэстэҕэ социальнай управление хамаандалара таҕыстылар. Кыайыылаах хамаандалар мэтээллэринэн, минньигэс бириистэринэн наҕаарадаланнылар. Сбербанк уонна Россельхозбанк анал бириистэрин Мүрү 2№ оскуола, контрольно-счетнай палата хамаандаларыгар туттардылар.