Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылын чэрчитинэн Саха народнай поэта, оҕо суруйааччыта, суруналыыс, тылбаасчыт Иван Васильевич Мигалкин - Кэрэл төрөөбүтэ 70 сылынан ыытыллыбыт "Оҕо мичээрэ, оҕо үөрүүтэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн уус - уран ааҕыы күрэҕэр барыта 24 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла.
Манна Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан улууһун нэһилиэктэрин дьиэ кэргэттэрэ Иван Мигалкин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
I миэстэҕэ - Федосеевтар дьиэ кэргэттэрэ ( Уус Алдан улууһа, I Хоро)
II миэстэҕэ - Саввиновтар дьиэ кэргэттэрэ (Ньурба улууһа, Дьиикимдэ нэһ)
III миэстэҕэ - Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ (Уус Алдан улууһа, Мүрү нэһилиэгэ)
Улуустааҕы
"Кустуктар куустунар алааспын" фотоконкурска
I миэстэҕэ - Татаринова Тая, Мүрү № 2 - дээх орто оскуолатын 4 "а" кылааһын үөрэнээччитэ
II миэстэҕэ - Неустроев Айхал, Мүрү №1 - дээх орто оскуолатын IX "а" кылааһын үөрэнээччитэ
III миэстэҕэ - Местникова Саша, Дьокуускай куорат №25 орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ
Дьиэ кэргэнинэн улуустааҕы "Алааһым арылы кустуга" квиз плиз онлайн оонньуу түмүгүнэн
I миэстэҕэ Матвеевтар дьиэ кэргэттэрэ (Чэриктэй нэһилиэгэ)
II миэстэҕэ Петуховтар дьиэ кэргэттэрэ (Тумул)
III миэстэҕэ Бурцевтар дьиэ кэргэттэрэ ( I Хоро нэһилиэгэ) ыллылар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы куонкурустарга кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр, оҕолорго махтанабыт, кыайыылаахтары истиҥник эҕэрдэлиибит!
Туоһу суруктары бу https://cloud.mail.ru/public/jG9x/2BXxXvSCm сыылканан киирэн хачайдаан ылаҕыт. Кыайыылаахтар бириискитин Дьокуускай куорат ТРК "Туймаада" , 5 этээстэн, "Книжная лавка" маҕаһыынтан ыларгытыгар. Улуустааҕы куонкурус бириистэрин "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһын 2 этээһиттэн, оҕо библиотекатыттан кэлэн ылаарыҥ.