2006 сыллаахха улуус баһылыга И.В. Бочкарев 331№-дээх дьаһалынан сылын ахсын балаҕан ыйыгар улууска Дьоруойдар күннэринэн биллэриллибитэ. Быйыл, балаҕан ыйын 24-27 к. «Улууспут киэн туттуута - Дьоруойдарбыт!» тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллынна. Улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин библиотекалара тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, улуус 28 библиотекаларыгар «Тоҕус Дьоруойдаах  Уус Алдан»,

«Уус Алдан киэн туттар Дьоруойдара», «Дьоруойдар ааттара умнуллубат» кинигэ быыстапкатын ырытыыта, информационнай-аналитическай радиорепортажтар, «Эн аатын ааттаныа үйэттэн үйэҕэ» алта бойобуой уордьан кавалера, үс сэрии кыттыылааҕа Д. Д. Оллонов туһунан литературнай монтаж, уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан улуус бары оскуолаларыгар «Киэн туттабыт Дьоруойдарбытынан» медиабэсиэдэлэр, «Кыайыыны турууласпыт, үлэни өрө туппут улууспут тоҕус чулуу дьоруойдарынан киэн туттабыт, сүгүрүйэбит» кылаас чаастара, «Саллаат аартыга» кыраайы үөрэтэр уруоктар,  «Дьоруой аата үйэттэн үйэҕэ» библиотечнай уруоктар,  викториналар, тэрилтэ үлэһиттэригэр «Дьоруойдарга Махтанабыт. Сүгүрүйэбит!» бэсиэдэлэр, С.М. Бурцева-Суугунай Чараана Үлэ Дьоруойа Д. Г.Бурцевка анаабыт «Дьоруойбут биһиэнэ» хоһоонунан,  А.С. Егоров-Альберт Бүлүүйүскэй «Социалистическай Үлэ Дьоруойугар А.С. Копыринаҕа» анаабыт хоһоонунан күргүөмүнэн ааҕыылар, барыта 62 араас тэрээһиннэргэ 2618 ааҕааччылар иһиттилэр.