Балаҕан ыйын 20 к. Горнай улууһун кииннэммит библиотечнай ситим тэрийиитинэн Мытаах нэһилиэгэр Семен, Софрон Даниловтар Бор алаастарыгар IX төгүлүн "Бор көмүс күһүнэ" диэн литература аһаҕас фестивала ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ народнай поэт Наталья Харлампьева,  тылбаасчыт  Альбина Борисова, поэт Елизавета Мигалкина, драматург Утум Захаров кыттаннар фестиваль таһымын үрдэтэн биэрдилэр. Дьокуускай куораттан «Иэйии»,

Мэҥэ-Хаҥаластан «Таммахтар», Уус Алдантан «Уһуктуу», Горнайтан «Сыккыс» литературнай түмсүүлэр уонна Горнай улууһун оскуолатын үөрэнээччилэрэ, суруйар-айар дьонноро кытыннылар. Биһиги улуустан түмсүү салайааччыта Галина Аммосова, Агафья Сивцева-Дүпсүүнэ, Ольга Павлова, Василий Пестряков-Курбуһах Уола баран кэллилэр.

Фестиваль тыҥааһыннаах түгэнинэн "Сэмэй сүрэх этэринэн" диэн акростих форматынан хоһоон айыытыгар  күрэх буолла. Күрэххэ народнай поэт Наталья Харлампьева бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ. Уопсайа 37 киһи, ол иһигэр 26 - улахан киһи уонна 11 оҕо бу күрэххэ кытынна.

"Кылаан чыпчаал" ааты биһиги улууспутуттан "Уһуктуу" литературнай түмсүү чилиэнэ Ольга Павлова сүгэн 7000 тыһыынчалаах Сертификатынан бэлиэтэннэ.

Бор көмүс күһүнэ

Бор көмүс күһүнэ

Ордук тупсан көһүннэ.

Эрдэһит ыалдьыттары

Көмүс дуйунан ыһа.

Өлбөт-өспөт тыыннанан

Манна үөскээн ааспыттар

Улууканнаах убайдар

Сэмэн, Софрон Даниловтар.

Көмүс күһүн уоскулаҥа –

Уһун кыһын илдьитэ,

Һаха омук уратыта.

Уостубакка, дьоһуннук

Норуот дьолун туһугар

Эргиллэ туруом Борго.

23.09.2024.