Дьокуускай. “Строительнай” атыы-эргиэн киинигэр ыытылла турар “Коркинныы олоруохха. Коркинныы айыахха” диэн ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Саха сирин үтүөлээх учуутала, ХХ үйэ бастыҥ киһитэ Дмитрий Петрович Коркин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка чэрчитинэн “Николай Николаевич Тарскай – спорт төлөннөөх тэрийээччитэ” диэн, Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар туһуламмыт көрсүһүү ыытылынна.

Саха спордун аҕатынан билиниллибит киһи туһунан көрсүһүүнү Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын Бэчээтин туйгуна, “Дьулурҕан” хаһыат редактора, тустуу туһунан элбэх кинигэ ааптара, коллекционер Петр Семенович Павлов салайан ыытта.

Көрсүһүүгэ кыттыыны ыллылар: спорт бэтэрээнэ, 1963-1971 сс. “Урожай” спортивнай уопсастыба бэрэссэдээтэлэ, 1976-1986 сс. Саха АССР спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Россия уонна Саха сирин физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, спорт сахалыы төрүт көрүҥнэригэр Манчаары оонньууларын төрүттээччи, Саха Республикатын спорт эйгэтигэр Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, оһуохайга Дархан этээччи Афанасий Егорович АЛЕКСЕЕВ; Улуу тренер Д.П. Коркин үөрэнээччитэ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, Саха АССР физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын спорка Албан аатын музейын салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи, биллиилээх коллекционер Михаил Егорович ДРУЗЬЯНОВ; Н.Н. Тарскай аймаҕа, Саха Республикатын култууратын туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал, Н.Н. Тарскай туһунан кинигэ ааптара Наталья Иннокентьевна МОРДОВСКАЯ.

Кинилэр сүдү киһи олоҕун, үлэтин сырдаттылар. Холобур, Афанасий Егорович хайдах Н.Н. Тарскайы кытта алтыспытын, кини тэрийэр талаанын, дьону ылыннарар дьоҕурдааҕын, Саха сирин спордун саҥа таһымҥа таһаарбытын туһунан ахтыытын; Михаил Егорович Н.Н. Тарскай аатынан тустууга күрэхтэһии бэйэтин аатынан хааларыгар туох үлэни, хамсааһыны ыытыспытын туһунан этиитин; оттон Наталья Иннокентьевна – Тарскайдар аймах туһунан сиһилии кэпсээнин мустубут дьон болҕомтолоохтук иһиттилэр, кинилэр этиилэрэ барыта видеоҕа уһуллан, кэнэҕэскитин архыыпка уурулла сытан, кэлэр көлүөнэҕэ көрдөрүллэр үйэлээх күндү матырыйаал буолуоҕа. Көрсүһүүгэ кыттыбыт дьон Николай Николаевич Тарскай аата салгыы үйэтитиллэригэр, сыаналанарыгар баҕардылар.

Бу тэрээһиҥҥэ Саха Республикатын национальнай библиотеката уонна Уус Алданнааҕы кииннэммит библиотека ситимэ Николай Николаевич Тарскай туһунан киэҥ ис хоһоонноох быыстапканы туруоран, көрсүһүү таһымын үрдэтэн биэрдилэр. Ол курдук, дьон көрүүтүгэр сэдэх хаартыскалар уонна кинигэлэр туруорулуннулар.

“Дьулурҕан”.