Бөдөҥ историк, кыраайы үөрэтээччи, этнограф, археолог, музей деятелэ, РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Дмитриевич Новгородов балаҕан ыйын 2 күнүгэр төрөөбүтэ 125 сылын туолар. Кини 1899 сыллаахха Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1917 с. Дүпсүннээҕи церковнай-приходской оскуоланы, Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму бүтэрбитэ. Иркутскайдааҕы университеты,

Сэбиэскэй Уһук Илин норуоттарын институтун аспирантуратын бүтэрбитэ. 1931-1960 сс. кыраайы үөрэтиигэ уобаластааҕы бюро эппиэттиир сэкирэтээринэн, Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музей салаатын сэбиэдиссэйинэн, научнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини Саха сиригэр гуманитарнай науканы төрүттэспитэ. 1935 с. Гуманитарнай институт тэриллэригэр улахан үлэни, көмөнү оҥорбута. Саха сирин оччотооҕу библиографиятын суруйбута. Г.В. Ксенофонтов «Эллайада», Сэһэн Боло «Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо»диэн бөдөҥ фольклорнай үлэлэрин рецензиялаабыта. 50-тан тахса научнай үлэ ааптара. Улуустааҕы киин библиотека пуондатыгар баар материалларга олоҕуран биир дойдулаахпыт И.Д Новгородовка аналлаах «Историк. Краевед. Этнограф» диэн быыстапка туруорулунна.