Биир дойдулаахпыт, биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһыны төрүттээбит, тэрийбит Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар саамал кымыс утахтаах, күөх сайыны көрсө үбүлүөйдээх ыһыах төрөөбүт нэһиилэгэр - Уус-Алдан улууһун Баатаҕайыгар бэс ыйын 8 күнүгэр буолан ааста. Николай Тарскай төрөөбүт-үөскээбит, үөрэммит Чараҥайын алааһыттан саҕалаан, Баатаҕай оскуолатын тиэргэнигэр памятник-бюст, Н.Тарскай олоҕун, үлэтин кэпсиир быыстапка, киэҥ түһүлгэҕэ ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта, музейга экскурсия, кинигэ сүрэхтэниитэ, илии-атах оонньуулара, норуот тапталлаах ырыаһыттарын, үҥкүү ансаамбылларын кэнсиэрэ, оһуохай болҕомто киинигэр турдулар,
ыһыах дьонун сүргэтин көтөхтүлэр. Истиҥ эҕэрдэлэр этилиннилэр, Николай Николаевич Тарскайы үйэтитэр дьаһаллар өрө тутулуннулар.
Ыһыах иннинэ, Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай оскуолатыгар үбүлүөйдээх сылга саҥа бюст аһыллыыта ыытылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн депутата Геннадий Васильев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, улуус баһылыга Василий Аммосов, нэһилиэк баһылыга Михаил Белолюбскай, РФ физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Алексеев эҕэрдэ тылларын эттилэр. Бэртээхэй бюһу художественнай училищены бүтэрбит, скульптор идэтин баһылаабыт, сахаттан бастакы быраас П.Н. Сокольников курдук, уо.д.а. элбэх скульптурнай оҥоһуктардаах, Уус-Алдан Мүрүтүн олохтооҕо Геннадий Оллонов чочуйан оҥордо. Геннадий улуус киинигэр, Бороҕоҥҥо турар Н.Н. Тарскай памятнигын оҥорбута.
Ыһыах үөрүүлээх чааһа “Николай Тарскай оҕо сааһа” дьүһүйүүнэн саҕаланна. Уһулуччулаах физкультурнай-спортивнай хамсааһын салайааччытын биорафиятын сүрүн оҥкуллара кэпсэнэр кэмигэр, оҕолор туһуннулар, күрэхтэһэн көрдөрдүлэр. “Н.Н. Тарскай саха спордун аҕата” иккис түһүмэххэ: транспарааннаах, Тарскай мэтириэттээх, кинини кытары бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэрин портреттарын тутан киллэрдилэр. Ол кэннэ Саха сиригэр физкультура уонна спорт маассабайдык сайдалларыгар күүскэ үлэлии сылдьар билиҥҥи кэм салайааччылара туспа колоннанан киирдилэр. “Н.Н. Тарскай Олимпиецтэри түстээһинэ" колоннаҕа Советскай Сойууска, Европаҕа, аан дойдуга, Олимпийскай оонньууларга чыпчаалы ситиспит спортсменнар портреттара, “Уйгу сирэ Уус-Алдан” колоннаҕа нэһилиэктэр хаамсан киирдилэр. Спортка ситиһиилэр, бастыҥ спортсменнар ааттара дуораһыйда, спортивнай оскуолалар, физкультураны уонна спорду “үйэтитээччи суруналыыстар, спортивнай дьиэ-кэргэттэр улуус спортивнай олоҕун, бүтүн историяны хабан, арыйан көрдөрбүттэрэ бэрт интэриэһинэй буолла. Василий Парников салайар “Кэнчээри” ырыа ансаамбыла “Азия оҕолорун” гимнин толороннор, улуустааҕы "Энергия" оҕо үҥкүү бөлөҕө (сал. Ларионова Т.Л.) салалталарынан аныгы көлүөнэ имигэс, түргэн оҕолорун-ыччаттарын күүстэринэн пирамида, гимнастика, аэробика туруоран сүргэбитин көтөхтүлэр.
Ыһыах биир бэлиэ түгэнинэн, Республика чулуу дьоно сериянан тахсыбыт "Николай Тарскай" кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Төрөөбүт нэһилиэгэр, дьонугар- сэргэтигэр, ыһыах ыалдьыттарыгар сүрэхтэнии бэрт хомоҕойдук, истиҥник ыытылынна. Кинигэ сүрэхтэниитин иилээн-саҕалаан ыыттылар улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин үлэһиттэрэ Павлова О.Н., Аммосова Г.В. Тэрээһин Баатаҕай орто оскуолатын "Уолан" уолаттар бөлөхтөрүн литературнай монтаһынан саҕаланна. Республикабыт салайааччылара Мохначевскай Г.М., Васильев Г.А., нэһилиэк баһылыга Белолюбскай М.М., спорт үтүөлээх үлэһитэ Готовцев П.П. уо.д.а. эҕэрдэ тылларын эттилэр. Спорт Министерствота үбүлүөйдээх сылга Н.Н. Тарскай значогун оҥотторбутун, тэрээһин бары кыттыылаахтарыгар туттардылар. Кинигэни ырытта СӨ Национальнай библиотека библиографа Готовцева Т.Н. Ааптардар Мордовская Н.И., Павлов П.С. кинигэни оҥоруу үлэтин, хаамыытын билиһиннэрдилэр, баҕа санааларын эттилэр. Кинигэ биобиблиографическай ыйынньыгын оҥорбут Попова М.К. бэйэтин үлэтин билиһиннэрдэ, сэдэх кинигэлэри, ыстатыйалары көрдөрдө. Үбүлүөйдээх сылга "Төлкөлөөх түөрэх" 7 көстүүлээх Н.Н. Тарскай туһунан пьесаны суруйбут, кыраайы үөрэтээччи Сыроватскай И.И., Тарскай аатын үгүс сылларга үйэтиппит, музейын төрүттээччи Румянцева К.И. алгыстаах тылларын, баҕа санааларын эппиттэрэ биһирэннэ. Тэрээһин бары кыттыылаахтарын саҥа сүрэхтээбит "Дойдубар, Баатаҕайбар" ырыатынан эҕэрдэлээтэ Галина Ушницкая, инникитин кинигэни туһанан, өссө да элбэх, ураты арыйыылары оҥорорго, киллэрэргэ, үлэлэтэргэ сүбэ тыллар этилиннилэр.
Иһитиннэриини оҥордо М.К. Федорова аатынан Баатаҕай библиотекатын сэб. Пермякова А.П.