Уус Алдан улууһун Оҕо, ыччат ааҕар киинигэр ыам ыйын 27 күнэ - Россия үрдүнэн Библиотека күнүн көрсө "Кинигэ күүһэ" VI Өрөспүүбүлүкэтээҕи акция ыытылынна.
Манна ыалдьыттарынан Матрена Семеновна Москвитина сиэнэ кыыһынаан, Мүрү №1 - дээх орто оскуолатын IV "в" кылааһын үөрэнээччитэ, Москвитина Сайааналыын кэлэн сөбүлүүр кинигэлэрин оҕолорго кэпсээтилэр.
Сайаана биир дойдулаахпыт Семен Ильич Черноградскай "Хопто Буурай аттаах Хапталдьын Баатыр" олоҥхотун ааҕан, пластилинынан хартыына оҥорон аҕалан кэпсээтэ.


1 кылааһы бүтэрбит быраата Семен Москвитин аахпыт остуоруйатыгар пластилинынан кыыллары оҥорбутун эдьиийэ кэпсээтэ.
📖 "Кинигэ күүһэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияҕа "Мичил" уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрэ уонна Мүрү №1 - дээх орто оскуолатын VIII кылааһын библиотека волонтер уолаттара кыттыыны ыллылар.
"Мичил" уһуйаан иитиллээччилэрэ кинигэ туһунан хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр, волонтер уолаттар туох туһунан ааҕалларын, аахпыт кинигэлэрин туһунан кэпсээтилэр, сырдаттылар, кырачаан оҕолорго "Кинигэни ааҕа үөрэниҥ, кинигэни ааҕар киһи өйдөөх буолар" - диэн сүбэ - ама биэрдилэр.
Библиотека күнүн көрсө хас сыл аайы ааҕааччыларбыт ортотугар "Сыл бастыҥ ааҕааччыта" диэн анал аат олохтуубут.
"Сыл бастыҥ ааҕааччыта" анал ааты Мүрү №1- дээх орто оскуолатын 4 "в" кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Москвитина ылла.
Бастыҥ ааҕааччыбытын Сайаананы анал аат ылбытынан итиитик - истиҥник эҕэрдэлиибит👏🏻👏🏻👏🏻
Ааҕааччыларбытыгар "Кинигэни ааҕыҥ, кинигэ - баар дьоһун оскуола, сыаналаах кылаат" - диэн саха суруйааччыта Николай Неустроев этиитин тиэрдэбит.
Күндү ааҕааччыларбыт !
Сайыҥҥы сынньалаҥҥытын туһалаахтык атаараргытыгар, 📚кинигэлиин доҕордоһуҥ , библиотекаҕа сылдьыҥ диэн ыҥырабыт 🤗