Лиирик-бэйиэт Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс хоһооннорунан ырыанньык бэчээттэнэн таҕыста. Саҥа кинигэни бэйиэт төрөөбүт-үөскээбит Курбуһаҕын бибилэтиэкэтэ оҥордо.

Саха литературатыгар бэйэтин ураты суолун хаалларбыт, нарын тойуктаах лиирик-бэйиэт Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс отуттан тахса сыл поэзия хонуутугар уһаарыллан, тыыннааҕар 21 кинигэни сахалыы, нууччалыы тылларынан бэчээттэппитэ. Кэлин кини өссө 11 кинигэтэ бэчээттэнэн, улахан литературнай нэһилиэстибэни хаалларбыта. Баал Хабырыыс хоһоонноро оҕону кытта оҕо, саастааҕы кытта саастаах, эдэр киһини кытта эдэр киһи буолан, хас ыал аайы күн бүгүнүгэр диэри доҕор-атас буолаллар, үөрэтэллэр-такайаллар.

Баал Хабырыыс бу муус устар ыйга төрөөбүтэ 106 сыла буолбута. Онон Уус Алдан улууһун Н.С.Пестряков аатынан Уус Күөлүн бибилэтиэкэтэ “Ыстарбын ньии дьон сүрэҕэр туох эрэ кэрэни айан…” диэн Баал Хабырыыс хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары хомуйан ырыанньыгы оҥорон таһаарда. Манна ырыа нуоталарын таһынан, куйаар-куодунан аудиолары истиэххэ сөп. Ырыанньык “Офсет” кинигэ кыһатыгар 100 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста. Аан тылы норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат суруйда. Саҥа хомуурунньук улууска бастакы бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар ананна.

Г. Г. Вешников-Баал Хабырыыс саха бастакы ырыаларын хоһоонун айбыт бэйиэт быһыытынан биллэр. Кини «28» диэн ырыата 1947 сыллаахха И. И. Эртюков эрэдээктэрдээн таһаарбыт «Ырыанньыкка» бэчээттэниэҕиттэн ырыанньык-бэйиэт быһыытынан биллэн барбыта. Хомойуох иһин, 1947, 1953, 1955 сыллардаахха бэчээттэнэн тахсыбыт ырыанньыктарга Баал Хабырыыс хоһоонноругар айыллыбыт ырыалар мелодистара ыйыллыбатахтар. Бэйиэт барыта 36 хоһооно ырыа буолбут. Сорох хоһооннорго иккилии мелодист матыып айбыт, онон 40 ырыа айыллыбыт: 38 сахалыы, 2 нууччалыы. Ырыанньыкка Баал Хабырыыс хоһоонноругар айыллыбыт ырыалар библиографическай испииһэктэрэ киирдэ.

Баал Хабырыыс хоһоонноро нарыннар-намчылар, кини дууһатын ырааһынан хоһуйбут, сүрэҕин сылааһынан туойбут буолан, дьоңңо олус тиийимтиэлэр. Кини элбэх хоһоонугар матыып айыллан, сорох ырыалар күн бүгүнүгэр диэри ыллана сылдьаллар.

Захар Винокуров «Сүрэҕим тэптэҕиэн», «Таарый, таарый хомускун», Александр Романов «Ыйытыма даа, ааспыты» диэн хоһооннорго ырыа матыыптарын суруйан, ыччат бэйэтин кэмигэр сөбүлээн ыллыыр ырыалара этилэр. Виталий Андросов «Ньургуһуннара» уонна «Күн бытархайа» уостан түспэт ырыалар буолбуттара.

Захар Петров «Сүрдээхтик соңуйбуттуу», Иван Аргунов «Алыс да эйигин ахтан», Федор Лобанов «Сибэккилээх түннүк», Виталий Андросов «Күн бытархайа» ырыалара 2 туомнаах «Саха ырыатын антологията» диэн сүдү хомуурунньукка киирбиттэрэ Баал Хабырыыс чахчы бастың лиирик-бэйиэт буоларын туоһулууллар.

Баал Хабырыыс хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары түмэр ырыанньык бэйиэт аатын үйэтитэр, айымньыларын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар, кэлэр көлүөнэ ыччакка билиһиннэрэр, сырдатар сыаллаах оҥоһулунна.

Хомуурунньугу оңорорбутугар Уус Алдан улууһун Тулуна бөһүөлэгин олохтооҕо Мариса Евсеевна Васильева ырыанньыктарын кэллиэксийэтэ улахан тирэх буолбутун бэлиэтиибит. Бу ырыанньык күн сирин көрөрүгэр ыйан-кэрдэн көмөлөспүт, өйөөбүт  Варвара Васильевна Аммосоваҕа улахан махталбытын тиэрдэбит.

Ырыалар ноталарын мелодист Николай Алексеевич Слепцов уонна Култуура уонна искусство Дьокуускайдааҕы кэллиэһин устудьуона Юлия Местникова сааһылаан уонна көмпүүтэргэ таҥан киллэрдилэр.

Баал Хабырыыс хоһоонноругар айыллыбыт ылбаҕай ырыалар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, бар дьон кутун-сүрүн тутан, өйүн-сүрэҕин долгутан ыллана туруохтара уонна өссө да саҥа ырыалар айылла туруохтара диэн үөрэ-долгуйа күүтэбит уонна эрэнэбит.

Ыстарбын ньии дьон сүрэҕэр

Туох эрэ кэрэни айан,

Ол туос түннүгүнэн да түһэр

Үрүң күн бытархайын.

Лиирик-бэйиэт Баал Хабырыыс бу курдук ыстаҕа күн бытархайын: үтүө айымньыларынан олох дьикти кэрэтин…

Марфа Пестрякова