Ахсынньы 16 күнүгэр Эһэлээх бөһүөлэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, тыл үөрэхтээҕэ, наука кандидата, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун, Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Захарович Копырин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах Ахтыы киэһээтэ буолла. Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан Николай Захарович ыччаттара Евдокия Николаевна Колодезникова, Валентина Николаевна Миронова, Василий Николаевич Копырин, Лина Митрофановна Готовцева, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун научнай сотруднига, Розалия Петровна Макарова, "Өнөр" түмсүү салайааччыта,

ХИФУ ст. преподавателэ, Бороҕонтон Иван Данилович Копырин, улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин директорын эбээһинэһин толорооччу, Клара Анатольевна Крылова, В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан Литературнай музей сэбиэдиссэйэ, Майаҕастан "Копыринскай диктаҥҥа" 100-түү баалы ылбыт ветеран ааҕааччыларбыт Марина Романовна Копырина, Раиса Ивановна Ховрова уонна ветеран учууталлар Татьяна Ильинична Алексеева, Елизавета Федоровна Сивцева, Өнөр нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин Н.З. Копырин олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуосканы арыйыыттан, сибэкки дьөрбөтүн уурууттан, Россия Геройа М.М. Стрекаловскай музейыгар музейнай уроктан саҕаланна.
Салгыы тэрээһин "Тускул" сынньалаҥ киинигэ буолла. Манна дьоро күн аан тылын Өнөр нэһилиэгин баһылыга Николай Николаевич Лукачевскай аста. Салгыы Гуманитарнай чинчийии институтуттан ст. научнай сотрудник Л. М. Готовцева Н.З. Копырины ученай быһыытынан сырдатта. "Ийэ тылгар бэриниигин ис-испиттэн биһириибин" кинигэ быыстапкатын Л. Н. Литвинцева, улуустааҕы киин библиотека электроннай библиотекатын үлэтин туһунан нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ С.С. Черноградская кэпсээтилэр. "Аныгы хараҕынан" күрэх кыайыылааҕа түмүк тэрээһинин туһунан иһитиннэриини Өнөр орто оскуолатын учуутала А. Н. Громова оҥордо. Национальнай библиотека тэрийиитинэн Бүтүн республикатааҕы "Бары ааҕабыт" проект чэрчитинэн аан маҥнай ыытыллыбыт "Копыринскай диктант" туһунан иһитиннэрэн туран кыайыылаахтарга М.Р. Копыринаҕа, Р. И. Ховроваҕа Дипломнары И. Д. Копырин туттартаата. В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан Чараҥнааҕы литературнай музейга харалла сытар Н.З. Копырин нэһилиэстибэтин туһунан К.А. Крылова кэпсээтэ. Истиҥ ахтыыларын Н.Е. Лукачевскай, А.С. Черноградскай, Т.И. Алексеева оҥордулар. Кинилэр ахтыыларын ситэрэн "Тускул" сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта М.И. Лукачевская, оскуола директора Н.П. Сыроватскай Николай Захарович үөрэппит оҕолорун ахтыыларын ааҕан иһитиннэрдилэр.
Аҕаларын туһунан олус истиҥ ахтыыны Евдокия Николаевна Колодезникова, Василий Николаевич Копырин оҥордулар.
Тэрээһини "Иэйии" вокальнай ансамбль "Өнөр сирин таптыыбын". Н. Лыткин, М. Федоров "Хаһан этэй", И. Лукачевскай, В. Федоров "Үйэтитиэҕиҥ үгэстэри"ырыалара, нэһилиэк эр дьонун ааҕыыларыгар монтаж ситэрэн биэрдэ.
Ахтыы киэһээни С.С. Васильев –Борогонскай аатынан киин библиотека «Алгыс» кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ Павлова Ольга Николаевна иилээн – саҕалаан ыытта.
Николай Захарович Копырин олорон, үлэлээн ааспыт олоҕо бэйэтин көлүөнэ дьон олохторуттан улахан уратыта суоҕа. Ол эрэн литературнай критикаҕа, тылга үлэлэрэ сөҕүмэрдэрин, өссө даҕаны үөрэтиллэ туруохтарыгар эрэллээх Ахтыы киэһээтэ уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.