Улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ, Өнөр нэһилиэгин дьаһалтата сэтинньи 30 күнүгэр литературовед, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СССРС Наукатын Сибиирдээҕи салаатын академиятын үтүөлээх бэтэрээнэ, филологическай наука кандидата Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун уонна Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Захарович Копырин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан Копыринскай дьыктааны тэрийдэ. Дьыктаан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бары ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн

ыытылынна. Барыта Саха Сирин 19 улууһуттан, Дьокуускай куораттан уонна улууспут 23 бөһүөлэгиттэн, маны таһынан Вьетнам Ханой куоратыттан 555 киһи дьыктааҥҥа көхтөөхтүк кытынна. Бастыҥ көрдөрүүнү 14 кыттааччы ситистэ. Дьыктаан Николай Захарович Копырины кытта алтыспыт дьон биһирэбилин ылла, кинини долгуйа ахтан аһардылар. Ол курдук , Н.Н. Павлов – Халан, Сахалыы бикипиэдьийэ төрүттээччитэ: «Биир бастакынан Сахалыы бикипиэдьийэни өйөөбүт ытык кырдьаҕас этэ. Саха тылыгар да омукка да туһалаах буолуоҕа, кытаат диэн миэхэ суруйара. Ол саҕана сааһыран дьиэтиттэн тахсыбат этэ, ол эрээри ыраас өйүн тута сылдьара»- диэн суруйар.
Бары дьыктаан кыттыылаахтарыгар тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит!