Сэтинньи ый 24 күнүгэр Хомустаах бөһүөлэгин сынньалаҥ киинигэр суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи, үйэтитиигэ үйэ чиэппэриттэн тахса кэмҥэ үлэлэспит убаастыыр, ытыктыыр киһибит Уйбаан Бахсылыырап төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах ахтыы киэһээтэ буолан ааста.
Тэрээһини Хомустаах сүрүн оскуолатын уолаттара Уйбаан Бахсылыырап этиитинэн, идиэйэтинэн Хомустаахха ыытыллыбыт тэрээһиннэри билиһиннэрэн монтаж ааҕыыларынан саҕалаабыттара.
Салҕыы Уйбаан Бахсылыырап хоһооннорун оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэрэ "Саптан саҕалаан" кинигэтиттэн аахтылар.
"Уолан" бөлөх (салайааччы Анна Бечеканова) "Быһыы килиэп" хоһоону ааҕан көрөөччүлэри долгуттулар. Бу хоһоон сэрии кэмигэр аччык сорун-муҥун билбит көлүөнэ сырдык кэриэһигэр анаммыт буолан ураты долгутуулаахтык иһилиннэ.
Ырыа буолбут хоһоонноруттан "Хомустаах" уонна экран нөҥүө "Мүрү эбэ" ырыалар ылланнылар.
Эҕэрдэ тылы "Лөгөй нэһилиэгэ" МТ баһылыга Попов Н.Н. эттэ. Тэрээһини Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгин баһылыга Барашков Иннокентий Федорович уонна төрөөбүт нэһилиэктэрин историятын үөрэтэ, үлэлэһэ сылдьааччы Барашкова Н.И., Ноговицына С.Н. кэлэн тэрээһин таһымын үрдэттилэр. Биир дойдулаахтарын, убайдарын Уйбаан Бахсылыырап ахтыы киэһэтигэр дойдутун тыынын биэрдилэр.
Иннокентий Федорович нэһилиэктэрин историятын кэпсиир "Ытык Бахсы" кинигэни олохтоох библиотекаҕа уонна улуустааҕы киин библиотекаҕа бэлэх уунна.
Улууспут кииниттэн кэлбит ыалдьыттар: "Мүрү саһарҕата" хаһыат корреспондена Копырин А.И., "Кэскил түһэ" ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Бурцева С.М., улуустааҕы киин библиотека "Алгыс" краеведческай салаа сэбиэдиссэйэ Павлова О.Н. олус истиҥ ахтыыларын сэргээн иһиттибит. С.С.Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека электроннай ресурстарын кииннэрин салайааччыта Колодезникова Р.К. электроннай библиотеканы уонна "Бессмертный полк"' сайты билиһиннэрбитин олуһун сэргээтилэр.
Бөһүөлэк олохтоохторуттан Попов П.П., Бурнашев И.И. Попова Р.П., Бечеканова А.С. Уйбаан Бахсылыыраптыын алтыһан ааспыт кэмнэрин ахтан аастылар.
Ахтыы киэһээтин олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Егорова М.Н. салайан ыытта.
Түмүк тылы Уйбаан Бахсылыырап кэргэнэ Зинаида Николаевна эттэ. Уйбаан Уйбаанабыска анаммыт тэрээһини астыммытын биллэрэн тэрийээччилэргэ уонна ыалдьыттарга махтанна. Уйбаанын туһунан ахтан ааста.
Убайбыт Уйбаан айбыта, туппута умнуллубатын! Биир дойдулаахпыт Уйбаан Бахсылыырап аатын үйэтитэн, төрөөбүтэ 80 сылын көрсө ахтыы кинигэ таҕыстар диэн, ол тула барыллардаах, бүччүм санаалаах тарҕастыбыт.