Бу күннэргэ “Сыккыс” бибилэтиэкэҕэ “Сэһэргээ, эн, үөлээннээҕим” түмсүү уочараттаах күһүҥҥү тэрээһинэ буолан ааста.
Тэрээһин дириҥ ис хоһоонноох буолан сэһэргээлэр болҕомтобутун тарта. Ол курдук бибилэтиэкэ салайааччыта Нина Иванова киирии тылыттан тэрээһин саҕалаата. Куруук буоларын курдук, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ аҕам саастаах дьону сэргэхситэр, билиилэрин хаҥатар, сырдыкка-кэрэҕэ угуйар тэрээһиннэри тэрийэр буоланнар, сэһэргээлэр үөрэ-көтө тэрээһиҥҥэ кэлэбит.
Бүгүҥҥү тэрээһин олус интэриэһинэй буолла. Бибилэтиэкэр Анна Готовцева норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов үбүлүөйдээх 75 сааһыгар аналлаах бэсиэдэ оҥордо, суруйааччы “Концерт” диэн кэпсээнин аахпытын сэҥээрэ иһиттибит. Онтон салгыы Ийэ күнүгэр аналлаах «Сүгүрүйэ, махтана, киэн тутта» диэн Уус Алдан Дьоруой ийэлэрин туһунан медиапрезентацияны көрүү буолла.
Билиҥҥи кэмҥэ үбү-харчыны сөпкө сыалыгар туһаныыга, харчыны мунньууга сүбэлэри Вера Копырина биэрдэ. Саамай кэрэ-бэлиэ түгэнинэн эдэр сааспыт суолдьута буолбут хомсомуол 105 сылыгар аналлаах викторина таайыыта буолан, аҕыйах түгэҥҥэ эдэр сааһы эргитэн ыллыбыт. Маны таһынан доруобуйаны көрүнүүгэ, бэйэ туругун эрчийиигэ сүбэлэри ылан, үөрэн-көтөн, дуоһуйа кэпсэтэн, үөлээннээхтэрбитин кытта сэһэргэһэн, астынан тарҕастыбыт. ”Сыккыс” бибилэтиэкэ кыргыттарыгар биһигини куруук сэргэхситэн, араас туһалаах тэрээһиннэри тэрийэллэригэр өрүү махтанабыт.
“Сэһэргээ, эн, үөлээннээҕим” түмсүү кыттыылаахтара