Муус устар 20 күнүгэр кииннэммит библиотека ааҕар саалатыгар «Баягантайский наслег. ИЗБРАННЫЕ НАРОДОМ» альбом-кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна.
Тэрээһини иилээн - саҕалаан ыытта улуус мунньаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ И.И. Колодезников. Кыттыыны ыллылар улуус баһылыгын солбуйааччы М.В. Борисов, улуус Сэбиэтин депутаттара, Байаҕантай нэһилиэгин делегацията, үлэлии сылдьыбыт депутаттар, Байаҕантай түмсүү кыттыылаахтара,
Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус музейын үлэһиттэрэ, улуус архыыбын специалистара.
Библиотека коллектива олохтоох бэйэни салайыныы историятын сырдатар дириҥ ис хоһоонноох быыстапканы тэрийдилэр.
Альбом-кинигэни үрдүктүк сыаналаан туран эҕэрдэ, махтал тылларын улуус дьаһалтатын аатыттан Борисов М.В., Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга С.И.Егоров, нэһилиэккэ 4 ыҥырыыга, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр депутаттаабыт, улуус Сэбиэтин депутата В.С. Тордуянова, Мындааба спортивнай саалатын директора, нэһилиэккэ депутатынан үлэлии сылдьыбыт М.С. Бурнашев, Мүрү нэһилиэгин «Избранные народом» кинигэтин автора Д.Г.Мигалкина уонна да атыттар эттилэр.
Альбому хомуйан оҥорооччулар А.К. Васильева, Р.К. Колодезникова бу үлэни хайдах тэрийэн ыыппыттарын сиһилии кэпсээтилэр, норуот дьокутааттарын үйэтитэр сыаллаах электроннай барыл көмөтүнэн таҥыллыбыт альбому бар дьоммутугар утары ууннулар.
Уопсайа нэһилиэк Сэбиэтигэр 21 төгүл ыытыллыбыт быыбардарга үлэһиттэр уонна норуот итэҕэлин ылбыт Байаҕантай нэһилиэгин, кэлин муниципальнай тэриллии итэҕэтиилээх былааһын салайсыбыт дьоммут туһунан бу сигэнэн арыйан болҕойон көрүҥ, билсиҥ, ааҕыҥ https://clck.ru/34BsYc