Үөһээ Бүлүү улууһун Намыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха сирин норуодунай поэта П.Н.Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах "Тобуруокап көмүс күһүнэ" VII өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин ыытыллыбыта.
Хоһоон түһүлгэтин үөрүүлээх арыйыы П.Н.Тобуруокап түмэлин тэлгэһэтигэр ыытылыбыта.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Н.Михалева – Сайа, А.Гуринов – Арчылан, Михаил Санников, о.д.а. үлэлээтилэр. Усулуобуйа быһыытынан улуустан 1 кыттааччы 10 хоһоонун эрдэ ыытыахтаах. Хоһоон күрэҕин түмүгүнэн 20 улуустан кыттыбыттартан биһиги улуустан тута хоһуйар талааннаах хомоҕой тыллаах хоһоонньут, улуустааҕы "Уһуктуу" айар куттаах дьон түмсүүлэрин аатыттан кыттыбыт Полина Находкина – Полина Победа кыайыылааҕынан тахсан, "Дани-Алмас" хампаанньа (ген.директор Д.Н. Скобелева) кинигэ кыһатыгар 120 страницалаах 100 экз. кинигэни босхо бэчээттэтэргэ сертификатынан наҕараадаланан «Мин дьону туойабын” кинигэ таҕыста.
БИБИЛЭТИЭКЭ
Сытыы өйдөөх үөрдүһэр
Сырдык санаа саҕыллар,
Сылаас тыына илгийэр
Бибилэтиэкэ дьиэтигэр.
Билии-көрүү уйата,
Сэһэн-сэппэн илгэтэ
Билбэккин да биллэриэ,
Көрбүт тэҥэ санатыа!
Санаалары сайҕааччы,
Сырдык суолга сирдээччи,
Кэрэ диэни кэпсээччи
Чараас эйгэ уйата!
Араас элбэх айымньы
Аралдьыта абылыыр,
Атас-доҕор олоххо
Тирэх буолар сүдү күүс!
Абыраллаах бу дьиэни
Ааһа түһэр буолумаҥ!
Билии - олох ситимэ!
Үүнэр-сайдар кирилиэс!
Полина-Победа