Бүгүн олунньу 21 күнүгэр улуустааҕы кииннэммит библиотека ааҕар саалатыгар “Мин – Россия гражданинабын” диэн бырайыак чэрчитинэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга пааспары туттарыы тэрээһинэ буолан ааста. Бу бырайыак улуус администрацията, “Биир Ньыгыл Россия” партия улуустааҕы исполкома, кииннэммит библиотека тиһигэ, “Билии” общество улуустааҕы салаата уонна федеральнай миграционнай сулууспа, “Мин докумуоннарым” элбэх өҥөнү оҥорор киин көҕүлээһиннэринэн үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ буолар.
Бүгүҥҥү тэрээһин Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр, Сталинград, Улуу Ильмень күөлгэ буолбут кыргыһыылар 80 сылларыгар туһуланна. Ильмень күөлгэ буолбут кыргыһыы туһунан бэсиэдэни билиһиннэрдэ улуустааҕы киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ Ольга Николаевна Павлова. Уус Алдан эдэр олохтоохторугар Россия гражданиннара буолбуттарын туоһулуур докумуону – пааспары туттарыы долгутуулаах уонна үөрүүлээх чааһыгар «Билии» общество улуустааҕы салаатын салайааччыта Федорова Февронья Гаврильевна оҕолору эҕэрдэлээтэ уонна “Биир Ньыгыл Россия” партия улуустааҕы исполкомун салайааччытын, улуус аҕа баһылыгын Алексей Васильевич Федотов эҕэрдэ суруктарын туттарда. “Мин докумуоннарым” элбэх өҥөнү оҥорор киин кылаабынай специалиһа Нарыйа Афанасьевна Павлова үөрүүлээх быһыыга-майгыга пааспардары уонна эҕэрдэ суруктары уопсайа 16 оҕоҕо туттарда. Төрөппүттэр ааттарыттан эҕэрдэ тылы Уйгууна Андреевна Маркова, эдэр гражданнар ааттарыттан мэктиэ тылы Найахы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Нарыйаана Константинова эттилэр. Бүгүҥҥү күнтэн оҕолорбут Ийэ дойдуларын, төрөөбүт улуустарын, нэһилиэктэрин аатын чиэстээхтик көмүскүүр бэриниилээх дьон буолан тахсалларыгар эрэнэбит.