Улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күннэрин түмүктүүр тэрээһининэн олунньу 18 күнүгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан» суруйуутугар кыттыы буолла. Быйылгы Сахалыы дьыктааны СӨ Национальнай библиотеката, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу- Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрситиэт, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу- Илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үнүстүтүүтүн саха тылын хаапыдырата тэрийдилэр. Дьыктаан сахаттан биир маҥнайгы тыл үөрэхтээҕэ, ураты көрүүлээх учуонай, тюрколог, талааннаах суруйааччы, тылбаасчыт уонна уопсастыба диэйэтэлэ Г.В.Баишев-Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна.
Дьыктааҥҥа Г.В.Баишев-Алтан Сарын «Киэһээ айан» айымньытыттан быһа тардыы ааҕылынна. С.С. Васильев – Борогонскай аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа 17 киһи диктаны суруйда. Библиотека «Алгыс» кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ О.Н. Павлова тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта, мустубут дьоҥҥо Алтан Сарын уустук дьылҕатын, айар үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Информационнай –методическай киин сэбиэдиссэйэ Ф.Г. Федорова дьыктаан тиэкиһин аахта, сорудахтары толоттордо. Суруллубут тиэкистэри «Алгыс» кыраайы үөрэтэр салаа сүрүн бибилэтиэкэрэ М.Н. Гоголева, ааҕааччыны кытта үлэ салаатын сүрүн бибилэтиэкэрэ Ю.А. Татаринова, Оҕо уонна ыччат киинин сүрүн бибилэтиэкэрэ В.П. Неустроева сыаналаатылар. Уустук уран –уус тыллаах тиэкиһи биһиги ааҕааччыларбыт сүнньүнэн кыайа –хото тутан суруйдулар. Дьыктаан суруйбут дьоҥҥо туоһу сурук туттарылынна. «Бастыҥ суруксут» аатын Елена Иннокентьевна Гоголева, «Үчүгэй суруксут» аатын Алла Афанасьевна Артамонова, Мария Егоровна Барашкова, Мария Петровна Заболоцкая, Маргарита Ивановна Крылова ыллылар. Маны таһынан кииннэммит тиһик М.К. Федорова аатынан Баатаҕайдааҕы (сэб. А.П. Пермякова), Р.В. Готовцев аатынан Байаҕантайдааҕы (сэб. Л.А. Софронова), А.Р. Халдеева аатынан Бороҕоннооҕу (сэб. С.А. Прудецкая), Бэйдиҥэтээҕи (сэб. М.И. Никонова), Мындаабатааҕы (сэб. Н.И. Портнягина), Е.В. Местников аатынан Окоемовкатааҕы (сэб. Л.П. Местникова), Суоттутааҕы (сэб. Р.Н. Черкашина), Н.С. Пестряков аатынан Уус-Күөлүнээҕи (М.А. Пестрякова), Хоноҕордооҕу (сэб. И.А.Осипова ), Чараҥнааҕы ( сэб. Л.С. Бурцева), И.И. Артамонов аатынан Арыылахтааҕы (сэб. Н.Л. Васильева) нэһилиэктэринэн биир дойдулаахтарыгар сахалыы дьыктааны тэрийэн ыыттылар. Барыта улуус үрдүнэн 111 киһи библиотекаларга кэлэн дьыктаан суруйда. Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, бары кыттыбыт дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.