Олунньу 9 күнүгэр Национальнай библиотека историческай залыгар биир дойдулаахпыт, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, журналист Иван Ущницкай "Саха саргыта" диэн альманаҕын сүрэхтэниитэ буолан ааста. Эдэр сааһыгар "Эдэр саас", орто сааһыгар "Орто дойду" хаһыаттары иилээн-саҕалаан таһааттарбыт Иван Ущницкай өр сылларга иитиэхтээн сылдьыбыт баҕа санаата олоххо киирбит умнуллубат түгэнин журналистар Валентина Бочонина, Олег Сидоров ис киирбэхтик ыыттылар. Сүрэхтэниигэ автордартан историк, кыраайы үөрэтээччи, РФ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Егор Шишигин, чинчийээччи, журналист Зоя Петухова, историческай наука кандидата Мария Старостина, журналист, краевед Павел Пермяков-Тэлэкэ, Олег Сидоров бэйэтэ уонна кэлбит ыалдьыттартан Нь.М. Стручкова, А.С. Борисов, И.И. Николаев о.д.а. санаа атастастылар, элбэх эҕэрдэ тылларын, альманах салгыы тахсыытыгар үтүө баҕа санааларын эттилэр.
Сүрэхтэниитигэр кэлбит ыалдьыттар альманах бириэмэ ирдэбилигэр сөп түбэһэрин, дьон өйүн-санаатын түмэрин, Саха норуотун сайдыытыгар улахан төһүү күүс буолуоҕар эрэллэрин биллэрдилэр. Онтон Иван Ущницкайы Андрей Саввич: " На острие солнечного луча"-, сылдьар диэн этиитин киэн тутта, сэргии иһиттилэр.
Сүрэхтэнии саха оһуохайынан, уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.