dp111-1.jpg

Биһиги дойдубутугар бу күн 1992 сыллаахтан Российскай Федерация Үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан сыллата бэлиэтэнэр. Бу ураты суолталаах күн биһиги аҕа саастаах кырдьаҕастарбытыгар төрөөбүт республикаҕыт уонна дойдугут сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт, албан ааттаах үлэҕит, эстибэт эрчимҥит уонна дойду, норуот туһугар бэриниигит иһин истиҥ махтал уонна

биһирэбил тылларын этэбит. Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэрэ ытыктабыл уонна үгэс эрэ быһыытынан бэлиэтээһин буолбакка, аҕа көлүөнэ дьонугар күннэтэ ахсаабат болҕомто, истиҥ кыһамньы уурарбытын санатар ытык күн буолар.

Күндү аҕам саастаах биир дойдулаахтарбытын бу бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибит! Уһун үйэни, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт!

Уус Алданнааҕы кииннэммит тиһик баай пуондатыттан кинигэлэри билиһиннэрэбит.

dp111-3.jpg