Биир дойдулаахпыт Уус-Алдан улууһун Суоттутуттан төрүттээх, уус – уран айар тыл бөдөҥ маастара, поэт, очеркист, публицист, П.А. Ойуунускай аат. республиканскай бириэмийэ лауреата, биллиилээх государственнай, общественнай деятель, икки «Бочуот знага» орден кавалера С.С. Васильев-Борогонскай төрөөбүтэ 115 сылын дойдутун дьоно өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылыгар сыһыары тутан киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтибит. Улууканнаах киһибит аатын үйэтитэр сыаллаах-соруктаах, патриотическай хабааннаах үлэбит “Сэрэгэй көмүс күһүнэ” тэрээһиннэрин ый устата ыытыллыахтаах былаанын нэһилиэкпит баһылыга Иванов В.И. бигэргэтэн атырдьах ыйын 25 күнүттэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри буолан ааста.
Тэрийэр комиссия бэрэссэдээтэлэ Хоноҕордооҕу “Түһүлгэ” СК салайааччыта Гоголева Е.Н., “Хотугу сулус” телерадиоакадемия директора Гоголева Т.А., редактора С.С. Лебедева, С.С. Васильев-Борогонскай төрөппүт кыыһа Васильева В.С. улахан тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа ыытыллалларыгар айымньылаахтык үлэлээтилэр. Суотту нэһилиэгин үөрэхтээһинин, култуура тэрилтэлэригэр, библиотекаларга араас хабааннаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылыннылар.
Улууканнаах биир дойдулаах аналлаах улахан тэрээһиннэри сырдатан суруйдахха
Улууканнаах биир дойдулаах аналлаах улахан тэрээһиннэри сырдатан суруйдахха атырдьах ыйын 25 күнүгэр С.С. Васильев-Борогонскай үөрэммит, үлэлээбит, бэйиэт аатын сүгэр Хоноҕор сүрүн оскуолатыгар “Эриэккэс да дойдулаах эбиккин” ыйдааҕы тэрээһиннэри арыйар төгүрүк остуол буолан ааспыта. Манна Суотту тэрилтэлэрин салайааччылара, общественниктар кыттыыны ылан дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии буолбута, Бүтүн Россиятааҕы Васильевскай ааҕыылар лауреаттара Илья Парников “Улуу Ильмень” балладаны, библиотека ветерана Ширяева Ф.Н. “Барыта оҕолор иһин” хоһооннору аахпыттара мустубут дьону долгуппута.
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Дьокуускай куоракка Национальнай библиотека историческай саалатыгар С.С.Васильев - Борогонскайга аналлаах «Үйэлэри үрдүнэн үлдьү көтөн" төгүрүк остуол дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыллыбыта.
Атырдьах ыйын 27 күнүгэр Кружало киин сыанатыгар «Сэргэй Баһылаайап көмүс күһүнэ" программалаах бэйиэт айымньыларын түһүлгэтэ буолан ааспыта. Бу Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт кэскиллээх тэрээһиннэри СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун уонна Суотту нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Гоголева Т.А. көҕүлээн, тэрийэн, салайан ыытта.
Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Кыһыл Кырдалга “Мин мантан сэриигэ барбытым” паамтынньык аттыгар иккис аан дойду сэриитигэр кыайыыга аналлаах миитини тэрийэн ыччаттарга патриотическай хабааннаах тэрээһини ыыппыппыт, буойун-бэйиэт С. Васильев туһунан сырдаппыппыт.
Балаҕан ыйын 24 күнүгэр НВК “Саха” “Кэрэ кэпсээн” биэриитэ С.С. Васильев олоҕор, айар үлэтигэр ананан тахсан республика көрөөччүлэрин болҕомтотун тарта. Манна саха норуодунай бэйиэтэ, өрөспүүбүлүкэбит суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ И.В. Мигалкин, профессор, филилогия наукаларын доктора, олоҥхону чинчийээччи, СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ В.В. Илларионов, “Хотугу сулус” телерадиоакадемия редактора С.С. Лебедева, СӨ култууратын туйгуна, ырыа айааччы, режиссер П.С. Федоров, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, муниципальнай сулууспа туйгуна Суоттуга С.С. Васильев-Борогонскай тэрээһиннэрин комиссиятын бэрэссэдээтэлэ Хоноҕордооҕу “Түһүлгэ” СК салайааччыта Е.Н. Гоголева, Суотту олохтоох модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна Р.Н. Черкашина, С.С. Васильев хос сиэнэ А.С. Васильев кыттыыны ылбыттара.
Балаҕан ыйын 25 күнүгэр С.С. Васильев-Борогонскай төрөөбүт күнүгэр аймахтарын тэрээһининэн Дьокуускай куоракка олорбут дьиэтигэр, Чириява уулусса 4, мемориальнай дуоскатын саҥардыы түгэнигэр Уус Алдан киин библиотекатын уонна Суотту дьонун аатыттан сылдьыбыппыт, кыттыбыппыт, “Ильменскэй уулуссаҕа баар “Ильмень үрдүнэн туруйалар” мемориальнай комплекска миитиҥҥэ кыттан, буойун пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран кэлбиппит.
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха судаарыстыбаннаһын күнүн уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын чэрчитинэн С.С. Васильев-Борогонскай төрөөбүт күнүгэр анаан “Өлбөт өрөгөй ырыаһыта” диэн аатынан биллиилээх биир дойдулаахпытыгар аналлаах күн тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Манна кыттыыны ыллылар поэт кыыһа Васильева В.С., аймахтара, саха норуодунай бэйиэтэ, өрөспүүбүлүкэбит суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, саха араадьыйатын шеф-редактора, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, араадьыйа, телевидение туйгуна Альбина Тарабукина, СӨ култууратын туйгуна, 2020 с. “Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы” ааты ылбыт Наталья Мордовская, СӨ култууратын туйгуна, улуус култууратын үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, улуустааҕы “Уһуктуу” айар түмсүү салайааччыта Галина Аммосова Суотту сиригэр кэлэн, үйэлээх тэрээһиҥҥэ кыттан, биһиги биир дойдулаахпытыгар сүгүрүйэн, үтүө-мааны тыллары этэн барбыттара олохтоохтору үөртэ, долгутта.
Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр Суоттуга С. Васильев көҕүлээһининэн сэриигэ барар саастаах дьону бэлэмниир сыаллаах тэриллибит байыаннай всеобуч уонна сэриигэ улахан барыы 80 сылларынан Суотту кытылыгар турар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр 1942 с. Уус Алдан алаастарыттан, Суотту сириттэн сэриигэ саамай элбэх ахсааннаах, 700-тэн тахса киһи барбыт улууспут героическай уонна трагическай историятын кэрчигэр ананан туруоруллубут Мэҥэ Таастан саҕаланна. Кэлбит ыалдьыттар Мэҥэ Тааска сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, буойуннар Албан ааттарыгар сүгүрүйдүлэр. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Суотту Бочуоттаах олохтооҕо Гаврил Мигалкин Инн Артамонов тыл., Денис Данилов мел. “Мин мантан сэриигэ барбытым” ырыаны ыллаан сэрии, патриотизм тиэмэтин толору арыйда. Бу түһүмэҕи иилээн-саҕалаан библиотекарь Раиса Черкашина ыытта.
С.С. Васильев-Борогонскай скверигэр Суотту орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара тэрийбит “Киһи аҕыс кырыылаах буолуохтаах” САССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Саха судаарыстыбаннаһын күнүгэр уонна бэйиэппит С. Васильев төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэттик, патриотическай хабааннаах тэрээһиҥҥэ Суотту үүнэр көлүөнэтигэр бэйиэт Иван Мигалкин кэс тыллаах дириҥ ис хоһоонноох тэрээһини Суотту орто оскуолатын библиотекарь-педагога Зинаида Бочкарева өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытта.
Бөрө Бастаах С.С. Васильев-Борогонскай төрөөбүт алааһа. Манна 1907 с. балаҕан ыйын 25 күнүгэр төрүт уус Суотту олохтоохторо Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ уол оҕо күн сирин көрбүтэ. Кэлбит ыалдьыттар ытык киһибит сүүрбүт-көппүт, кынат анньыммыт ытык сиригэр долгуйа айаннаан тиийдилэр. Суоттутааҕы “Мичээр” СК коллектива (сал. Патрасова В.В.) тэрийбит истиҥ тэрээһинигэр кыттан Суотту нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо С.Д. Федоров Бөрө Бастаах алааска туһунан үһүйэннэртэн сырдаппыт кэпсээнин сэргии иһиттилэр.
1941 с. С.С. Васильев-Борогонскай Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан кыргыс толоонугар сэриилэһэ сылдьар буойуннар оҕолорун өйүүр сыаллаах тэрийбит детдомун үйэтитэргэ детдом иитиллээччилэ туруорбут “Оҕо үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт Суотту детдома” Мэҥэ Тааска детдом историятын Хоноҕор сельскэй библиотекатын сэбиэдиссэйэ Ирина Осипова ыытта. Детдом историятын сырдатан ыалдьыттарга, олохтоохторго Суотту Бочуоттаах олохтооҕо Д.Н. Пермяков, детдом директорынан үлэлээбит П.Е. Заровняев төрөппүт кыыһа Л.П. Заровняева кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр.
С.С. Васильев-Борогонскай Суоттуга Кыһыл Кырдал оскуолатыгар үөрэммитэ, 1941-43 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн турар кэмигэр директордаабыта. Киэҥ далааһыннаах үлэни ыытан дойдутун дьонун махталын ылбыта. Тэрээһиммит бу түһүмэҕэр ыалдьыттарбыт оскуолаҕа сырыттылар, үөрэнээччилэри кытта көрсөн кинилэр уус-уран ааҕыыларын сэргээтилэр, кэрэхсээтилэр. С. Васильев музей дьиэтигэр сылдьан кини улахан олоҕун айар үлэтин кытта ыкса алтыстылар. Бу түһүмэҕи С.С. Васильев-Борогонскай аатын сүгэр Хоноҕор сүрүн оскуолатын кэлэктиибэ иилээн-саҕалаан ыытта (директор Александрова Л.И.).
2021 с. Суотту орто оскуолата саҥа таас, сырдык, ураты дизайннаах дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Директорынан РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ И.М. Петухова үлэлиир. Тэрээһин кыттыылаахтара манна сылдьан үөрэнээччилэргэ аһаҕас уруок ыытан, кэс тылларын этэн умнуллубат түгэни бэлэх ууннулар.
Үйэлээх тэрээһиммит добун чааһа Хоноҕорго “Түһүлгэ” СК буолла. Сынньалаҥ киин фойетыгар сахалыы сиэри-туому тутуһан ыалдьыттары, олохтоохтору көрүстүлэр. Сынньалаҥ киини салайааччыта Е.Н. Гоголева алгыс тылынан арыйда. Кулууп уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна, Суотту нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо В.С. Бубякина оһуохай таһааран кэлбит дьону оһуохай тула түмтэ. С.С. Васильев-Борогонскайга аналлаах быыстапканы олохтоох библиотекалар, талба талааннаах киһибит, СӨ үөрэҕириитин уонна спорт туйгуна, Суотту нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, уран тарбахтаах Е.И. Иванова-Чыычаах кыыһа, педагогическай үлэ ветерана СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Уус Алдан улууһун, Суотту нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи С.В. Захарова туруоран дьон-сэргэ болҕомтотун тартылар. Евдокия Иванова С.С. Васильев-Борогонскай “Күн Эрили” олоҥхотугар сукунанан тигэн оҥорбут паннотун сэргээтилэр, хайҕаатылар.
Үөрүүлээх чаас Саха судаарыстыбаннаһын күнүнэн СӨ гииминэн саҕаланна. Нэһилиэкпит баһылыга СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ В.И. Иванов мустубут дьону икки төгүл өрөгөйдөөх, улахан суолаталаах күнүнэн, киэн туттар биир дойдулаахпыт үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ, кэлбит ыалдьыттарга анаан бэлэхтэри туттарда.
Дьокуускай куораттан, улууспут киин библиотекатыттан кэлбит ыалдьыттар дириҥ ис хоһоонноох ахтыы тылларын истэн сэргээтибит, өтөрүнэн буолбатах үтүө тэрээһин Суоттуга буолан ааспытыттан тэрийээччилэр да, көрөөччүлэр да улаханнык астынныбыт.
Бу үтүөкэн киэһэни Суоттуттан төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор, “Хотугу Сулус” телерадиоакадемия редакторынан үлэлиир, С.С. Васильев-Борогонскай олоҕун, айар үлэтин дириҥник билэр, 1987 сыллаах С.С. Васильев-Борогонскай аатынан Суотту орто оскуолатын лауреата С.С. Лебедева истиҥник, иһирэхтик, ис киирбэхтик ыыппыта кэрэхсэбиллээх.
Кэлэн кыттыыны ылбыт, тэрийсибит дьоммутугар барҕа махталбытын биллэрэбит.
Черкашина Р.Н.