Атырдьах ыйын 8 күнүгэр «Сыккыс» библиотекаҕа Саха Республикатыгар Ийэ сылыгар аналлаах «Ананнын киниэхэ барыбыт махтала» диэн «Сэһэргээ, эн, үөлээннээҕим» түмсүү кыттыылаахтарын үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна. Манна кэлбит ийэлэр, эбээлэр дьиэ кэргэҥҥэ ийэ оруолун туһунан кэпсэтиигэ, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах викторинаҕа кытыннылар, «Туойуоҕуҥ күн күбэй ийэни» кинигэ быыстапкатын көрдүлэр, ийэ туһунан ырыалары ыллаан, минньигэс астаах остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, астынан тарҕастылар.
«Сыккыс» библиотекаҕа «Ананнын киниэхэ барыбыт махтала» тэрээһин
- Просмотров: 787