Ыытааччылар: С.С. Васильев – Борогонскай аатынан киин библиотека, «Кэскил түһэ» төрөөбүт тыл, «Уһуктуу» литературнай түмсүүлэр, улуустааҕы спорт, дьиэ кэргэн, ыччат политикатын отдела.

Ыытыллар сирэ: ZOOM платформа

https://us02web.zoom.us/j/81018417613?pwd=N3NqWTlMSmNITGRyVk1UNnFoQjN3UT09 

Идентификатор конференции: 810 1841 7613
Код доступа: 256672

Буолар бириэмэтэ: олунньу ый 11 күнэ 2022 сыл, 14:00 ч.

Кыттааччылар: оскуола 9 – 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ, 35 диэри саастаах эдэр ыччат.

Сыала – соруга:

l. төрөөбүт тылы, саха өйүн-санаатын барҕа баайын, үгэһин суолтатын үрдэтии;

2. билиини хаҥатыы;

3. чопчу уонна ситимнээхтик саңарар-иҥэрэр, санаатын сайа этэр, тиэрдэр дьоҕуру сайыннарыы.

Күрэх көрүҥэ:

  1. саха биллэр суруйааччыларын саха тылын туһунан хоһооннорун өйтөн дорҕоонноохтук ааҕыы (биир хоһоон);
  2. бэриллибит тематтан талан ылан 5 мүнүүтэҕэ бэйэ санаатын толору этии.

Хайысхалара:

  • Төрөөбүт тылбыт (холобур, өс хоһооно – омук мындыр өйө, сомоҕо домох кэрэтэ о.д.а.)
  • Мин сөбүлүүр суруйааччым
  • Ийэҕэ таптал, махтал
  • Төрөөбүт дойдубунан киэн туттабын

Сыаналанар:

  1. толоруллар айымньы обраһын арыйыы, интонацията, диксията, куолас эгэлгэтэ, тыл иэйиитэ;
  2. кыттааччы уу сахалыы, ыраастык саҥарар тыла – өһө, тылын баайа, тиэмэни сөпкө толорутук арыйыыта, бэйэ санаатын үллэстиитэ, истээччини итэҕэтиитэ, тыл этэрин тэтимэ.

Кыттааччы сахалыы таҥнара биһирэнэр.

 

Түмүк таһаарыы:

-          3 киһиттэн турар анал дьүүллүүр сүбэ үлэлиэ;

-          кыайыылаахтарга (1, 2, 3 миэстэлэр) дьупулуомнар, биһирэммиттэргэ анал ааттар дьаралыктара уонна бириистэр туттарыллыахтара;

-          кыттыбыттарга туоһу суруктар бэриллиэхтэрэ.

Түмүгү иһитиннэрии: төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Уус Алдан улууһун кииннэммит библиотека тиһигин сайтыгар https://uacbs.ru/, инстаграм сирэйигэр centralib тахсыаҕа.

Ыйыталаһар төлөпүөн: 89142910715 Аммосова Г.В.

https://us02web.zoom.us/j/81018417613?pwd=N3NqWTlMSmNITGRyVk1UNnFoQjN3UT09