Бүгүн, ахсынньы 2 күнүгэр Олоҥхо дьиэтигэр Аан дойду виртуоз хомусчута, Россия  үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Оготоев төрөөбүтэ 60 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Улуус баһылыгын солбуйааччы Борисов М.В. эҕэрдэ тылынан тэрээһин үөрүүлээх чааһа аһылынна.


Салгыы "Хомуһуннаах хомусчут аата үйэлэргэ" диэн Петр Петрович Оготоевка аналлаах ахтыы түһүмэх буолла. Тэрээһин үһүс саамай долгутуулаах чааһынан XI төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи "Хомус кырдала-2021" күрэх кыайыылаахтарын эҕэрдэ нүөмэрдэрэ уонна наҕараадалааһын буолла.