Сэтинньи 18 күнүгэр Байанай ыйын чэрчитинэн ыччаты, дьиэ-кэргэни өйүүр социальнай-психологическай киин (сал.: Никитина С.П.), «Россия ийэлэрэ» общественнай хамсааһын Уус-Алданнааҕы филиала (сал.: Федотова М.Ф.) уонна спорт, дьиэ-кэргэн уонна ыччат политикатын отделын (сал.: Охлопкова Н.А.) көҕүлээһиннэринэн «Байанайы батыһан» диэн эр дьоҥҥо аналлаах тэрээһин С.С.Васильев – Борогонскай аатынан киин библиотека ааҕар саалатыгар буолан ааста.
Тэрээһини киин библиотека кыраайы үөрэтэр отдел сэбиэдиссэйэ Павлова О.Н. “Байанайы батыһан” быыстапканы сиһилии билиһиннэрдэ, улуустааҕы экологическай надзор старшай инспектора Охлопков Н.Н. бултааһын быраабылаларын, бултка сыһыаннаах сокуоннарга туох саҥа уларыйыылар киирбиттэрин, быраабылаларын кэпсээтэ, ис дьыала уорганнарын старшай участковайа Егоров В.И. сааны харайыыга, сөпкө туттарга, уопсай быраабылаҕа сүбэлэри биэрдэ, “Аҕа уонна эр киһи” түмсүү салайааччыта Аргунов А.Г. сиэр-майгы, айылҕаҕа сылдьыы туһунан өйдөбүллэри, былыргы үгэстэри билиһиннэрдэ, “Бадаар” маҕаһыын хаһаайына Бурцев А.Н. саҥа сааны хайдах атыылаһарга туох докумуон ситиһиллэрин сырдатта. Түмүккэ инникитин да маннык тэрээһиннэри үгэскэ киллэрэн сылын аайы ыытарга санааларын эттилэр.