Биллиилээх суруналыыс, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, өр сылларга "Ленин суола", "Эҥсиэли" хаһыаттарга кылаабынай редакторынан үлэлээбит, "Отуу уота" литературнай түмсүүнү төрүттээбит, салайбыт Н.М. Рыкунов төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах "Доҕотторуом, олортуоҕуҥ поэзия чэчирин тула..." поэзия күнүгэр "Уһуктуу" (сал. Г.В. Аммосова) кытыыны ыллылар. Тэрээһини Н.М. Рыкунов аатынан Нам улууһун киин библиотеката иилээн - саҕалаан ыытта.
Кыттыыны ыллылар поэт кыыһа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Мая Николаевна Рыкунова, поэт, суруналыыс, Н.М. Рыкунов аатынан бириэмийэ лауреата Н.Е. Винокуров - Урсун, Хаҥаластан "Үнүгэс" (сал. Н.С. Егоров - Түөлбээкэп), Уус - Алдантан "Уһуктуу" (сал. Г.В. Аммосова), "Отуу уота" (сал. А.Г. Дунаев) литературнай түмсүүлэр, "Офсет" кинигэ кыһатын эппиэттээх үлэһитэ Г.Г. Басылайканова.