Уус – Алдан улууһун кииннэммит библиотекатын тиһигин оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн Киинэ биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 65 сааһын көрсө ыыппыт «Киэн тутун, эн саха буоларгынан » диэн автор айымньыларын дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга республиканскай интерактивнай куонкуруска ыраах Булуҥ, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ – Хаҥалас, Нам, Уус – Алдан улууһуттан, Дьокуускай куораттан 20–тэн тахса дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Кыттыбыт дьиэ кэргэттэр бары көлүөнэнэн солбуйсан, хос эһэ, эбэ, ийэ, аҕа, эдьиий, убай, оҕо аймах кыттыылара кэрэхсэбиллээх. Дьиэ кэргэттэр суруйааччы айымньыларын уустаан-ураннаан, айымньы ис хоһоонун уобараһыгар сөп түбэһэр гына туттан-хаптан, музыканан киэргэтэн, уобарастаан аахпыттара олус кэрэхсэбиллээх .

     «Киэн тутун , эн саха буоларгынан» диэн айымньыларын дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга республиканскай интерактивнай куонкурсугар кыайыылааҕынан таҕыстылар Барашковтар дьиэ кэргэн (Курбуһах бөһ, Уус-Алдан улууһа), иккис миэстэҕэ Черкашиннар дьиэ кэргэн (Тумул, Уус-Алдан ул.), үһүс үктэлгэ Листиковтар дьиэ кэргэн (Чурапчы сэл.Чурапчы улууһа), «Биһирэбил бириис» анал ааты ыллылар Булуҥ улууһуттан Еремеевтар, Никифоровтар дьиэ кэргэн, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн Феофановтар дьиэ кэргэн уонна Уус- Алдан улууһун Чэриктэй бөһүөлэгиттэн Бочкаревтар, Мындааба бөһүөлэгиттэн Готовцевтар дьиэ кэргэн. Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы куонкуруска кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр болҕомто ууран, народнай поэт Иван Мигалкин айымньыларын ааҕан, үөрэтэн билсибиккитигэр, кыттыбыккытыгар тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Кыайыылаахтар бэлиэ суруккутун уонна бириискитин Дьокуускай куораттан «Туймаада» ТРК 2 этээһиттэн “Книжная лавка” кинигэ маҕаһыыныттан бу нүөмэринэн (89142362730 Анна Никитична) билсэн баран , тиийэн ылыаххытын сөп.