Ыам ыйын 16 күнүгэр В.Н. Мигалкин аатынан Чаран орто оскуолатыгар Саха сирин пионериятын 95 сылынан “Салют, Пионерия” диэн 1 Хоро нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, пионерскай хамсааһын ветерана Клара Афанасьевна Неустроева аатын үйэтитиигэ улуустааҕы научнай практическай конференция, “Үтүө өйдөбүлү саҕан” диэн төгүрүк остуол ыытыллыннылар. Тэрээһини тэрийдилэр Чаран орто оскуолатын коллектива (директор И.Г.Сивцев), А.И. Неустроева, улуустааҕы пионербаһаатайдар Ассоциациялара
(салайааччы III-с Бүтүн Россиятааҕы эбии үөрэхтээһин педагогтарын күрэҕин «Старшие вожатые” номинация кыайыылааҕа Л.С.Павлова). Ветеран пионердары, пионербаһаатайдары үйэтитэр сыаллаах Бочуот Кинигэтигэр пионерскай, комсомольскай үлэ ветераннара А.П. Емельянова, Е.Н. Сыроватская, С.М. Бурцева киллэриллиннилэр. Бу бэлиэ күҥҥэ “Уус Алдан Кэскилэ” оҕо общественнай түмсүүтэ (салайааччы Е.М.Литвинцева), Чаран орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ 40-с, 50-с, 60-с, 70-с, 80-с с.с. ветеран пионердары өрө көтөҕүллүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Пионерскай кэм хаһыаттарын, сурунаалларын, значоктарын, кинигэлэрин коллекциятын «Умсулҕан” коллекционердар түмсүүлэрэ, “Пионерия кутаатын кыымнара” диэн быыстапканы улуустааҕы оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн киинэ туруордулар. Тэрээһин 1936 с. балаҕан ыйын 11 күнүгэр историяҕа хаалбыт Чараҥ ыһыаҕар суруйааччы, государственнай деятель П.А.Ойуунускай Уус Алдан эдэр пионердарын кытта көрсүбүт “Сулус” өйдөбүнньүгэр түмүктэннэ.