Бэс ыйын 9 күнүгэр Үлэ бэтэрээнэ, Түүлээх нэһилиэгин, Уус-Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ коммунист партиятын киин комитетыттан «Партийная доблесть» орден кавалера, 26 сыл устата салайар үлэҕэ үлэлээбит Иван Степанович Заровняев «Үлэлээбит Түүлээҕим – мин дьылҕабар» кинигэтин презентацията буолла.

Кинигэҕэ кини өр кэмнээх таһаарыылаах үлэтэ, тус олоҕо, бииргэ үлэлээбит кэллиэгилэрин, үөлэннээхтэрин, доҕотторун, аймахтарын ахтыыларыгар сиһилии кэпсэнэр. Ону таһынан И.С. Заровняев бэйэтин олоҕу тус көрүүтүн анааран суруйбут, билиҥҥи олоҕу тупсарарга сүбэлиир соргулаах ыстатыйалара, ис эйгэтин иэйиитин тиспит хоһоонноро ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананаллар. Араас кэмҥэ бииргэ үлэлээбит үөлэннээхтэрэ истиҥник ахтан – санаан аастылар ааспыты.